Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан паруом сырыыта күһүҥҥү эрэсиимҥэ көстө
Дьокуускайга уопсайа 14 паруом үлэлиир, 7 кытылга тиксэр сир баар. Дьон паруому күҥҥэ ортотунан 30 мүнүүтэттэн 1 чааска диэри кэтэһэллэр.
Паруомнар Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан сарсыарда 5 чаастан үлэлэрин саҕалыыллар, оттон түүн үөһүгэр түмүктүүллэр. Күһүҥҥү түүннэр үүнэннэр, хараҥарарынан сибээстээн бүтэһик паруом ыйыллыбыт чааһыгар эрэ барар.
Бу туһунан СӨ тырааныспарын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев уонна «Саха сирин паруомнара» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Николай Ефимов кыстыкка киириигэ бэлэмнэниинэн, сир аһын үргээһин саҕаламмытынан уонна саҥа үөрэх дьылын иннинэ кэлии-барыы элбэҕинэн, ону сэргэ булт сезона аһыллыбытынан паруомнар уонна диспетчердэр үлэлэрин күүһүрдэргэ быһаардылар.
Онуоха Тырааныспар министиэрситибэтэ өрөбүл күннэргэ айанньыттары таһар уонна таһаҕаһы тиэйэр массыыналар элбииллэрин учуоттуурга көрдөстө.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: