Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан пассажирдары таһыыга тарыып үрдээтэ дуо?

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан пассажирдары таһыыга тарыып үрдээтэ дуо?

Ааптар:
02.06.2023, 09:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ өрүстэринэн  айан-сырыы  саҕаланан, пассажирдары таһыыга  теплоходтар, дьоҕус суудуналар үлэлээн эрэллэр. Бүгүҥҥү туругунан Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан дьону нөҥүө кытылга туоратыыга 21 суудуна үлэлиирин туһунан СӨ Тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Суудуналар күн ахсын өрөбүлэ суох Дьокуускайдааҕы өрүс пуордуттан сарсыарда  7.00 чаастан киэһэ 21.00 чааска диэри сылдьаллар. Бырайыас  — 500 солкуобай.

Маны таһынан пассажирдары таһыыга  203 микро-оройуонтан икки  «Нептун» суудуна сылдьар. Билиэт сыаната  500 солкуобай.

Аны бэҕэһээҥҥиттэн «Рукавишников» теплоход үлэтин саҕалаата. Билиэт сыаната  300 солкуобай.

Министиэристибэ иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын бүтүүтэ туһааннаах хайысханан  «Московский-11» теплоход сылдьара күүтүллэр.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: