Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан алта паром үлэлиир
Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан алта паром үлэлиир. Аллараа Бэстээххэ накопитель эһиилги сезонугар диэри үлэтин түмүктээтэ. Бу туһунан «Саха сирин паромнара» УХ дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
Өлүөнэ өрүс икки кытылынан тырааныспар харыыта көстөр. Николай Ефимов этэринэн, бу кэмҥэ накопитель Дьокуускайга эрэ үлэлиир.
«Аллараа Бэстээххэ накопитель эһиилги навигация аһыллыар диэри сабылынна. Билигин Аллараа Бэстээхтэн уу таһыма намтаан, тырааныспары таһыы аллараа причаллартан оҥоһуллар», — диэтэ кини
Билиҥҥи балаһыанньанан Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан паром сырыыта Саха сиринээҕи тыраныыспарга борокуратууратын хонтуруолугар сылдьар.
Санатан эттэххэ, бу сыл алтынньы 22 күнүттэн паром сырыытыгар тарыып үрдээбитэ. Итини таһынан оптуорунньуктан Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын олобохтоох суудуналарынан айан сырыы тарыыба эмиэ үрдээбитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: