Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын суудуналарынан дьону таһыы тохтоото

Share

Дьокуускай куорат аннынан муус хойуутук устар. Дьокуускай — Аллараа Бэстээх маршрутунан Өлүөнэ өрүскэ барыта 30 суудуна: 10 — «Хивус» уонна 7 — «Тайфун» аэроботтар үлэлээбиттэрэ. Өлүөнэ өрүскэ гидрологическай балаһыанньа уустугурбутунан, ыам ыйын 16 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх маршрутунан пассажирдары салгын суудуналарынан тиэйии тохтоото.

«ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев иһитиннэрбитинэн, маннык быһаарыы куттал суох буолууну хааччыйар сыалтан ылылынна.

«Эбэ мууһа хойуутук устар. Бүгүн киэһэ эбэтэр сарсын муус барыыта арыый да аҕыйыа. Баҕар, бээтинсэттэн, пассажирдары таһыыны саҥардыахпыт. Ол эрээри, барыта өрүс мууһун барыытыттан тутулуктаах», — диэтэ Борис Строев.

Бүгүҥҥү күнтэн Маган аэропордуттан Павловскайга «Полярные авиалинии» АХ пассажирдары М-8 бөртөлүөтүнэн таһыы оҥоһуллар. Билиэттэр бөртөлүөт  2 чаас көтүөн иннинэ, аэропорт кассатыгар (төл.: 40-60-36 ) уонна Павловскайга бөртөлүөт түһэр былаһааккатыгар атыыланаллар. Рейстэр бөртөлүөккэ дьон толору буолар түгэнигэр оҥоһуллаллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

3 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

1 час ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

1 час ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

1 час ago