Дьокуускай аннынан муус миэстэтигэр хамсаата

Share

Ыам ыйын 15 күнүн сарсыарда 6 чаастааҕы бэлиэтээһининэн, Дьокуускай аннынан муус миэстэтигэр хамсаата.

Суукка иһигэр уу таһыма миэтэрэни кыайбат үрдээтэ диэн «Ленарегионводхоз» филиалын дириэктэрин солбуйааччы Николай Портнягин иһитиннэрдэ.

Хаҥалас улууһун Улахан Аан – Бэстээх учаастагынан Өлүөнэ өрүс уҥа өттүнэн муус миэстэтигэр устар. Покровскай аннынан муус көтөҕүлүннэ, уу таһыма 58 см үрдээн 532 см тиийдэ.

Муус Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарын территориятынан хойуутук устар. Муус алын кырыыта Хаҥалас оройуонун Чкалов сэлиэнньэтин анныгар бэлиэтэнэр, уу кутталлаах таһымҥа тиийэ илик, өрүс үөһүгэр муус утарар, оттон боротуохаҕа муус хойуутук устар.

Хаҥалас улууһун Үөдэй – Иһит, Өлүөхүмэ улууһун Саҥыйахтаах – Өлүөхүмэ учаастактарыгар уу таһыма түһэрэ бэлиэтэнэр, муус кэминэн устар.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл биэс күн эрдэлээн Халыма өрүс Үөһээ Халыма улууһун Зырянка сэлиэнньэтин аннынан уһунна. Быйылгы сабаҕалааһын быһыытынан, муус бу эргин ыам ыйын 20 күнүгэр устуохтааҕа. Былырыын Халыма өрүс ыам ыйын 17 күнүгэр устубута.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

51 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago