Дьокуускай бибилэтиэкэтэ саҥардыллыа

Share

Дьокуускай бибилэтиэкэтэ «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн саҥардыллыа.

Дьокуускай куорат кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтэ — В.Г.Белинскэй аатынан 1 №-дээх филиала «Култуура» национальнай бырайыак сүүмэрдиир куонкуруһун кыайыылааҕынан буолла.  Онон саҥардан, тупсаран оҥоруу үлэтигэр аҕыс мөл.солк. ылыаҕа диэн иһитиннэрэр СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата.

Бибилэтиэкэни бэйэтин тг-ханаалыгар миниистир Афанасий Ноев эҕэрдэлээтэ.

-Үөрүүлээх бэлиэ түгэнинэн бибилэтиэкэ кэлэктиибин эҕэрдэлиибин.  Модельнай бибилэтиэкэлэри сайыннарыы — судаарыстыба култуураҕа бэлиитикэтин тутаах соруктарыттан биирдэстэрэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит ити хайысхаҕа инники күөҥҥэ сылдьар. Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 504  муниципальнай уонна судаарыстыбаннай бибилэтиэкэ үлэлиир. 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 35 модельнай бибилэтиэкэ аһылынна — федеральнай бүддьүөт үбүн суотугар 15 бибилэтиэкэ саҥардылынна, эрэгийиэн бүддьүөтүн суотугар — 20 бибилэтиэкэ, — диэн суруйар миниистир.

СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

9 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

13 часов ago