Дьокуускай дьаһалтата 13 оптуобус суоппарын кытары дуогабары көтүрдэ

Share

Дьокуускай куорат дьаһалтата ахсынньы 9 күнүгэр 12 №-дээх  маршрут оптуобустарын суоппардара үлэҕэ тахсыбатахтарын чахчытынан бэрэбиэркэни ыытта.

Бүгүн, ахсынньы 10 күнүгэр, суоппардары кытта түһэрсиллибит дуогабардар тохтотулуннулар. Дьокуускай куорат тырааныспарга сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников иһитиннэрбитинэн, 13 суоппар маршрутка тахсыбатах.

«Куйаар ситимигэр 12 №-дээх маршрут сырыытын туһунан боппуруос тэтимнээхтик дьүүллэһиллэр. Биһиги бэрэбиэркэ ыыттыбыт. Дьокуускай куорат олохтоохторо аймаммаккытыгар уонна уларыта тутан тарҕаммыт иһитиннэриилэргэ болҕомто уурбаккытыгар көрдөһөбүн», — диэтэ Эдуард Садовников.

Кини этэринэн, бу иннинэ 13 урбаанньыт 15 №-дээх маршрутка убаастабыллаах биричиинэтэ суох үлэлии тахсыбатахтарын уонна муниципальнай хантараак эбэһээтилистибэлэрин  кэспиттэрин бэлиэтээтэ.

«Бу суоппардар намыһах хамнастаахтарынан матыыптаан пассажирдары хаалларбыттар. Кинилэр  урут 15 №-дээх маршрутунан айанныыллара. 8-10 оптуобус 30-40 мүнүүтэ арыттаах сылдьыбыта — бу быраабыла ирдэбилигэр сөп түбэспэт. 2018 сылтан бэйэлэрин сылдьар тырааныспардарын саҥардыбатахтара уонна бу сыл сэтинньитигэр ыытыллыбыт куонкуруска кыайан кыттыбатахтара», — диэн Эдуард Садовников иһитиннэрдэ. Сулууспаҕа бу  урбаанньытар үлэлэрин салҕыыр туһунан көрдөһүү киирдэ диэн кини эбэн эттэ.

«Кинилэргэ састааптарын саҥардарга эбии бириэмэ бэриллибитэ. Билигин үрдүк хамнаһы эккирэтиһэн, кэккэ урбаанньыттар үлэлииртэн аккаастаннылар. Кинилэри кытта дуогабардар көтүрүллүөхтэрэ, онтон маршрут хаарталара сотуллар», — 12 №-дээх маршрут штатнай эрисииминэн үлэлиирин бэлиэтээн туран диэтэ  салайааччы.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
2
+1
1
+1
1
+1
1
+1
0
+1
6

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ өссө биир хочуолунай үлэлээтэ

Эдьигээҥҥэ "Кыайыы 65 сыла" хочуолунайга 4 №-дээх хочуол үлэҕэ киирдэ. Билиҥҥи туругунан онно 7 хочуол…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Умсулҕаннар» быыстапкаларыттан (ВИДЕО)

Уус Алдан улууһугар "Умсулҕан" кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэрэ тэриллибитэ 30 сыл буолла. [gallery ids="180048,180049,180047"]   Түмсүүнү оҕо…

5 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Сүллүүкүттэр хаһан тахсалларый? Ойбонтон хаһан уу ылабытый?

Тохсунньу Таҥха ыйынан биллэр. Сыл ахсын сүллүүкүттэр хаһан тахсар этилэрий, ойбонтон хаһан уу ылар этибитий…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Бээдилэр ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр

Түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн ахтан аастахха, былыр өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт малларын уонна үгэстэрин сөргүтүү үгэскэ кубулуйда.…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Өспөхтөр 187 хаххалыыр сиэккэни оҥордулар

Уус Алдан улууһун Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо,"Доброволецтар" волонтердар хамсааһыннарын (сал. Светлана Архипченко, Дьокуускай к.) филиала, байыастарга…

7 часов ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Тохсунньу билгэлэрэ

Саха сиригэр будулҕан туманнаах тоһуттар тымныылар үгэннээн турар кэмнэрэ. Бырааһынньыктар түмүктэнэн, тулалыыр айылҕабытын кэтээн, тохсунньу…

8 часов ago