Дьокуускай инфраструктуратын сайыннарыы саҕаланна

Дьокуускай инфраструктуратын сайыннарыы саҕаланна

15.02.2024, 13:30
Хаартыска видеоттан скриншот
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Уокуруктааҕы дьаһалта ааспыт 2023 с. үлэтин салайар хампаанньалар уонна олорор дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын салайааччыларын (ТСЖ) иннигэр отчуоттаата.

Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Евгений Николаевич салайар хампаанньалар уонна олорор дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын бэрэстэбиитэллэригэр территориялары тупсарыыга, ону көрүү-харайыы хаачыстыбатын үрдэтиигэ уонна туһаныыга, ону сэргэ бу боппуруостары олохтоохтору кытта быһаарарга мунньахтары ыытыы туһунан боппуруостары дьүүллэһэргэ этии киллэрдэ.

Эрдэ биллэриллибитин курдук, 2024-2026 сс. Дьокуускай инфраструктуратын сайыннарыыга үс сыллаах былаан биллэриллибитэ. Үс сыл устата уопсастыбаннай тырааныспар тиһигин саҥардыы, сылаас тохтобулу тупсарыы, уулуссалары сырдатыы, гаастааһын тэтимин түргэтэтии, Табаҕа уонна Кангаласс сэлиэнньэлэригэр канализационнай-ыраастыыр ыстаансыйа тутуута, Марха микро-оройуонугар уунан хааччыйыы, элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастактарын инфраструктуратын бэлэмнээһин оҥоһуллуоҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: