Дьокуускай куоракка буулдьаттан бааһырбыт оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэр
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта аҕыс буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Онон ыытыллар бэрэбиэркэ уонна силиэстийэ борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.
Дьокуускай куоракка уоруу, халааһын, “инвестиция” схематынан 500 тыһ. солк. суумалаах түөкүннээһин туһунан иһитиннэрии киирбит, наркотигынан эргинии иһин буруйу оҥорууну тохтоппуттар, «Тойота Марк 2» мааркалаах массыынаны уорбуттар.
Дьокуускай куоракка уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар итирик туруктаах хаттаан массыына ыытааччылары туттуттар.
Кэбээйи улууһугар Сангаар бөһүөлэгиттэн Куличка диэн ааттаах 10 килэмиэтирдээх сиргэ, Өлүөнэ өрүскэ 1968 сыллаахха төрөөбүт киһи тимирбит, өлүгүн була иликтэр.
Уус Маайа улууһугар Эдьээн сэлиэнньэтиттэн 45 килэмиэтирдээх сиргэ 1968 сыллаахха төрөөбүт, тыатааҕы саба түһүүтүн түмүгэр өлбүт киһини булбуттар.
Дьокуускай куоракка Сатал түөлбэтигэр 2012 сыллаахха төрөөбүт оҕо бэйэтин саастыылааҕын саанан алҕас бааһырдан, оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Арыгы испит туруктаах массыына ыыта сылдьан 22 киһи тутуллубут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: