Дьокуускай куоракка «Кросс Нации» 5 тыһыынча киһи кытынна
Бу өрөбүллэргэ Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар «Кросс Нации» чэрчитинэн сүүрүүгэ Дьокуускай куоракка 5 тыһыынча киһи кытынна.
Кросс кыттыылаахтара «Юность» стадионтан саҕлаан Агротехнологическай университекка диэри 2 км уһуҥҥа сүүрдүлэр.
Бастакынан спортсменнар, ол кэнниттэн тэрилтэлэр салайааччылара, онтон атын кыттааччылар сүүрдүлэр. Сүүрүү түмүгүнэн бэйэлэрин категорияларыгар кыайыылаахтар уонна призердар өйдөбүнньүк мэтээлинэн, грамотанан уонна кубогынан наҕараадаланнылар диэн иһитиннэрэр СӨ физкультураҕа уонна маассабай успуорка салалтата.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Кросс Нации» өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, куораттарыгар балаҕан ыйа бүтүөр диэри ыытыллыаҕа. «Кросс Нации» Бүтүн Арассыыйатааҕы сүүрүү күнэ «Спорт – норма жизни» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: