Дьокуускай куоракка оптуобус төлөбүрэ төһөнүй?
Быйыл тымныы кыһыннаах Саха сиригэр олорорбутун айылҕабыт биллэрдэ. Тохсунньу-олунньу ыйдарга тымныы күннэр турдулар, онон Дьокуускай куоракка оптуобуһунан айанныыр дьон үксээтэ. Маныаха уу харчыны, баан каартатын таһынан оптуобуска хайдах төлөһүөххэ сөбүй, биир сырыы төлөбүрэ төһөнүй?
Быйыл тохсунньуттан куорат оптуобустарыгар айан төлөбүрэ үрдээбитэ:
— уу харчынан төлүүр түгэҥҥэ — 40 солк.;
— баан каартатынан — 36 солк.;
— “Спутник” каартанан – 30 солк.;
— тырааныспар каартатынан – 30 солк;
— виртуальнай каартанан (QR-код уонна NFC) — 30 солк.;
— Саха сирин олохтооҕун социальнай каартатынан – 28 солк;
— АЭБ каартатынан (60 хонук, 40 сырыы) – 950 солк. (биир сырыыта 23 солк. 75 харчы);
— АЭБ каартатынан (60 хонук, 60 сырыы) – 1300 солк. (биир сырыыта 21 солк. 66 харчы);
— АЭБ каартатынан (30 хонук, 60 сырыы) – 1200 солк. (биир сырыыта 20 солк.).
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын баһылыга Евгений Григорьев куоракка тэриллиэхтээх оптуобус маршрутун икки көрүҥүн туһунан кэпсээтэ итиэннэ чаас иһинэн иккис оптуобуска олорсон салгыы барар түгэҥҥэ босхо айанныахха сөп буолуо диэн быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрбитэ. Ол туһунан сиһилии манна ааҕыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: