Дьокуускай куорат 10-с нүөмэрдээх оскуолатыгар саҥа успуорт саалата аһылынна
Бүгүн Дьокуускай куорат оскуолаларыгар, эдэр спортсменнарыгар үөрүүлээх күн. Куорат Д.Г. Новопашин аатынан 10-с нүөмэрдээх орто оскуолатын тэлгэһэтигэр модульнай успуорт саалата аһылынна.
Онто да суох элбэх оҕолоох 10-с оскуолаҕа бу күн кэлии-барыы өссө сыыдамсыйбыкка дылы. Саҥа сааланы көрө тураары арыый эрдэ тиийэбин. Тас өттүттэн саҥа тутуу килэйэн-халайан, уһун кыһын кэнниттэн бастакы күн уотугар ордук сандааран көстөргө дылы.
Саала аанын арыйан киирээппин кытта анал пуормалаах, көрүдүөр икки эркинин устун сахалыы таҥастаах оҕолор үөрэ көрсөллөр. Саалаҕа оҕо-аймах, үлэһиттэр, ыалдыттар номнуо мустан эрэллэр, тэтимнээх муусука ньиргийэ көрсөр.
Үөрэх уонна билим миниистирэ Нюргуна Соколова: “Бу успуорт саалаттан оскуола эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа аатын ааттатар чөмпүйүөннэр иитиллэн тахсалларыгар эрэнэбин. Инникитин өссө улахан кыайыыларга дьулуһуҥ!”, — диэн эттэ.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев успуорт, оҕо саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран: “Кылгас кэм иһигэр тупсаҕай успуорт саалатын туттубут. Былырыын куоракка үөрэнээччилэр спартакиадаларын ыыппыппыт, 10-с оскуола үөрэнээччилэрэ бочуоттаах иккис миэстэни ситиспиттэрэ. Быйыл бастакы миэстэҕэ холонуохтара диэн эрэнэбин”, — диэн эттэ.
Уһук Илин уокуругун сайыннарыы бырагырааматынан былырыын барыта үс успуорт саалата тутуллубут: Алдан куорат гимназиятыгар, Дьокуускай куорат 10-с уонна 20-с оскуолаларыгар. Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан Уһук Илиҥҥи “Биир кэлим субсидия” үбүнэн, РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илин уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүлүнэн олоххо киирбит.
Саала уопсай иэнэ 466 кв.м. тэҥнэһэр. Бары ирдэнэр тэрилинэн олоччу хааччыллыбыт. Саалаҕа уруок да ыытыахтара, успуорт араас көрүҥүнэн даҕаны дьарыктаныахтара.
Физкултуура учуутала Евгений Балыков: “Биһиги оскуолабыт куорат биир улахан уонна успуорт куттаах оскуолаларыттан биирдэстэрэ. Футболга, киокусинкайга, көҥүл тустууга, дзюдоҕа өрөспүүбүлүкэ, Уһук Илин уокурук, Арассыыйа призердара, кыайыылаахтара бааллар. Аҕыйах хонуктааҕыта, бу тохсунньуга оскуолабыт мини-футболга (кыра бөлөх) өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, кулун тутарга Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ Аллараа Новгородка күрэхтэһэ барар быраабы ылла.
Биир кыра, биир улахан саала биһиэхэ аҕыйах этэ. Саҥа сааланы туттарбыттарыттан үөрэбит. Манна уруок, уруогу таһынан дьарыктар, сиэксийэлэр буолуохтара. Куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэри ыытарга бэлэммит”, — диэн санаатын үллэстэр.
Оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Мичил Семенов: “Бастакы кылаастан тустуунан дьарыктанабын. Тириэньэрим Станислав Егорович Афанасьев. Уһук Илин уокурукка үһүс миэстэ, өрөспүүбүлүкэҕэ үс төгүл бастакы буолбутум. Саҥа успуорт саалата аһыллыбытыттан олус үөрдүм, спортивнай манекеннар, душ, тахсан киирэр сир барыта баар”, — диэн үөрүүтүн үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: