Дьокуускай куорат 12-с нүөмэрдээх оскуолата былыргылыы үгэскэ чугаһатан ыһыах ыста
Дьокуускай куорат таһынааҕы Пригород түөлбэҕэ турар 12-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа Чиряев Александр Константинович салалтатынан физика, математика хайысхалаах сахалыы кылаастар аһыллан үлэлээбиттэрэ уонча сыл буолла. Бу оскуола быйыл салҕааһына улахан уонна аныгы ирдэбилгэ сөп түбэһэр гына тутуллан, киһи хараҕа халтарыйар көстүүлэннэ, оҕо аймах, учууталлар үөрүүлэрэ муҥура суох буолла.
Олох хаамыытынан тупсаҕай, аныгы технологиянан баай кэбиниэттэр, аактабай саала, дьикти кэрэ бибилитиэкэ… Биир тылынан эттэххэ, билии-көрүү дыбарыаһа.
СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ «Билиигинэн кыайыаҥ» анал бириэмийэтин истипэндьийээтэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үтүөлээх учуутала Александр Константинович саха оҕото хайдахтаах да аныгы үөрэҕи, билиини ыллын, кини туох ханнык иннинэ өбүгэ үгэһин, мындырын, олоххо тардыһыытын, сатабылын, сиэр-майгы, итэҕэл инники тутуллуохтаахтарын иҥэрэр сыаллаах үлэлиир, бигэ көрүүлээх учуутал. Оннук туруктаах, көрүүлээх буолан сылтан сыл аайы оҕолору Саха сирин биллэр -биллибэт дьиктилээх сирдэринэн, бырамыысыланнас сайдыбыт оройуоннарынан — үгүс эспэдииссийэлэргэ, экскурсияларга ырааҕынан тэлэһитэн айаннатар, билиһиннэрэр, көрдөрөр сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Ону таһынан биир баҕа санаата саха омук былыр хайдах ыһыах ыһарын, ол сыалын соругун, ис тутулун — философиятын оҕоҕо биллэрэр, көрдөрөр, кытыннарар сорук этэ.
Ыам ыйын 28 күнүгэр былааннаах ыһыах Үс Хатыҥ чугаһыгар «Кымыс Байбал» диэн сылгы иитэр пиэрмэр бас билэр сиригэр ыытылынна.
Кылаастар түһүлгэлэрин бэлэмниир, киэргэтэр кэмнэригэр Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» ырыатыттан «Ыһыах» түһүмэҕи иһитиннэрии оҥорон, оҕолорго уонна төрөппүттэргэ былыр сахалар хайдах быһыылаах ыһыах ыһалларын туһунан кэрэтик да суруйан хаалларбытын билиһиннэрии буолла. Ити кэнниттэн ыытааччы ыҥырыытын болҕойон бука бары алгыс ыла киин түһүлгэҕэ муһуннулар, биир да оҕо, төрөппүт туора туран, антах хаалан бытарыйбакка, алгыс тыллара Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа Үөһээ Айыыларга тиийэн, онтон төттөрү киирэн ыһыах дьоҥугар, сири иһиккэ кымыс үрдүгэр, кытыйаларга өрөһөлөммүт маанылаах аска-үөлгэ иҥнэҕэ. Оскуола дириэктэрэ Уйгуурап Михаил Васильевич кымыс үрдүн охтордо ол эрэ кэнниттэн тэрийээччи Александр Константинович оҕолорго удьаа хамыйаҕынан биир-биир Айах чороонноругар сири иһиттэн кутаталаата, бука бары алгыс түспүт биэ кымыһын амсайдыбыт.
Ыһыаҕы аһар оһуохайга биир да оҕо, төрөппүт, учуутал туора турбакка, бука бары киэҥ түһүлгэни олохтоон, күн эргииринэн үҥкүүлээтибит, дуораччы ыллаатыбыт. Онтон түһүлгэлэринэн олорон ыһыах маанылаах аһын аһаатыбыт, кылаас-кылаас барыта саха аһын сиэдэрэйин, амтаннааҕын, өбүгэ үгэһинэн астаммыты тото-хана иҥэриммитин, биэ кымыһынан күндүлэммитин кэнниттэн илии-атах оонньуута саҕаланар. Хапсаҕай, мас тардыһыы, тутум эргиир, күобах, ыстаҥа курдук былыр-былыргыттан быстыбакка кэлбит оонньуулары оҕолуун-уруулуун бука бары үөрэ сэргээтилэр, ыалдьан ыһыытастылар, кыайыыга уруйдаатылар… Дьэ, бу оонньууларга барытыгар кыайыылаахтары — кус быһыйдары, быыппастар быччыҥнаахтары, халбас харатын курдук хапсаҕайдьыттары, муҥутуур тутум эргийээччилэри Александр Константинович олох былыргылыы бэлиэтээтэ, мүһэ бастыҥҥа туттарылынна, иккис-үһүс буолбукка үтэһэлээх эт буолла. Бу буоллаҕа өбүгэ үгэһин сөргүтүү, оҕо-ыччат дьоҥҥо билиһиннэрии, умнуллаары гыммыкка эргийии. Өссө бу оонньуулар быыстарыгар тохтуу түһэн, сэргээн, олоҥхо истиитэ буолла, бука бары эмиэ биир да киһи туора хаалбакка, күөх окко олорон өрөспүүбүлүкэ биир тарбахха баттанар бастыҥ эдэр толорооччутун, бу оскуолаҕа үөрэммит Данилов Марк уһуйааччытынаан, Сергей Васильев-Борогонскай «Үөлэн Хардааччытыттан» кэпсээтилэр, ыллаатылар.
Дьэ, сити курдук силигэ сиппит, толору оҥоһуулаах, сахалыы салайыылаах, өбүгэ утумун умуннарбат тулааһыннаах ыһыаҕы 12-с оскуола сахалыы кылаастарыгар ыытта, бу таһымнаах тэрээһин барыбытын өрө көтөхтө, умсугутта, астыннарда, дуоһуйа үөрүүгэ, омукпутунан киэн туттууга аҕалла. Махтал буоллун Александр Константиновичка, оҕо аймах таптыыр, ытыктыыр Улахан Учууталыгар!
Наталья МОРОДОВСКАЯ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: