Салгыы
Дьокуускай куорат 203 микроройуонугар ууга түспүт киһини быыһаатылар

Дьокуускай куорат 203 микроройуонугар ууга түспүт киһини быыһаатылар

01.11.2024, 14:52
Хаартыска: Саха сирин Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Быыһыыр сулууспа дьуһуурунайыгар 112 нүөмэринэн 203 микроройуон аннынан өрүскэ эр киһи түспүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит.

Быһылаан тахсыбыт сиригэр тута СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара уонна «Дьокуускай куорат» МТ уокуруктааҕы дьаһалтатын быыһыыр сулууспата тиийбит. Онуоха диэри халлаан номнуо хараҥарбыт. 203- с микрооройуоҥҥа уот лииньийэтин биир тирэҕин аттыгар ууга курданарыгар  диэри түспүт эр киһини булбуттар.

Эр киһи сарсыарда балыктыы барбыт, оттон киэһэ төннөн истэҕинэ чараас муус уйбакка хайдан ууга түспүт.

«Биһиги кинини буларбытыгар, таҥаһа барыта тоҥон хаалбыт этэ», — диэн СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччыта Николай Обоев кэпсиир. – Кинини муустан үс атахтаах кирилиэһи туһанан таһаарбыппыт, өссө ону уһаппыппыт. Эр киһи кирилиэстэн тардыһан тахсан баран, түөрт атахтаан биһиги диэки кэлбитэ. Кини мэдиссиинэ көмөтүттэн аккаастаммыта».

СӨ Быыһыыр сулууспатын быыһааччылара Николай Обоев уонна Вадим Винокуров көмөлөрүнэн алдьархайга түбэспит балыксыт быыһанна.

СӨ Быыһыыр сулууспата Саха сирин олохтоохторун билиҥҥ кэмҥэ чараас мууһунан сылдьар сэрэхтээҕин санаталлар. Олоххутун, доруобуйаҕытын харыстааҥ, чараас мууһунан сылдьымаҥ диэн сүбэлииллэр.

Өскөтүн эһиэхэ көмө наада буоллаҕына, маннык нүөмэргэ эрийиҥ: “112” эбэтэр 8 (4112) 45-90-19 – СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьуһуурунайа.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
1 ноября
  • -16°C
  • Ощущается: -16°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: