Кулун тутар 12 күнүгэр Дьокуускай куорат 26-с нүөмэрдээх оскуолатын эбии тутуутун аһыллыытын үөрүүлээх чааһа буолла.
Бу күн Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ араас куораттарыгар уонна оройуоннарыгар тутуллубут 12 бөдөҥ социальнай уонна инфраструктурнай суолталаах эбийиэктэри национальнай бырайыактар уонна эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай бырагыраамалар чэрчитинэн видеосибээһинэн үлэҕэ киллэрдэ.
Оскуола 4,5 тыһыынча кэриҥэ иэннээх, оттон сыһыары эбии дьиэ 3 мэндиэмэннээх. Манна 315 миэстэ тахсан киин куоракка турар сытыы кыһалҕаны арыый да чэпчэтиэҕэ.Эбии тутууга оҕолор саҥа успуорт саалатыгар эрчиллиэхтэрэ уонна саҥардыллыбыт остолобуойга аһыахтара.
Саҥа дьиэҕэ 8, 9, 10 уонна 11-с кылаас оҕолоро үөрэниэхтэрэ. Итиэннэ аныгы хааччыллыылаах быраас хоһо баар буолуоҕа. Саҥа эбийиэк РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан үлэҕэ киирдэ. Итини сэргэ Эбээн-Бытантай улууһугар Баатаҕай нэһилиэгэр 220 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ. Амма оройуонун Абаҕа сэлиэнньэтигэр оскуола-оҕо уһуйаана 150 уонна 75 миэстэлээх аһылынна. Кэбээйи улууһун Сайылык нэһилиэгэр 275 миэстэлээх оскуола аанын астылар, оттон Таатта улууһун Туора Күөлүгэр 50 миэстэлээх оҕо уһуйаана аһылыннылар.
Ил Дархан Айсен Николаев этэринэн, оскуола саҥа дьиэлэрин тутуута тупсаҕай усулуобуйаҕа хаачыстыбалаах үөрэх хааччыйыытын кыһалҕатын быһаарарга кыах биэрэр.
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр түөрт буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Хаҥалас улууһугар "Улуу…
Күндү Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Россия Федерациятын Конституциятын күнүнэн…
Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…
Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…