Бу эбийиэк Саха сирэ уонна РФ ВЭБ сайдыытын судаарыстыбаннай корпорациятын бииргэ үлэлээһиннэрин сөбүлэһиитин чэрчитинэн тутулунна.
Бу сөбүлэһии Дьокуускай куорат үөрэҕин материальнай-техническэй баазатын бөҕөргөтүү уонна кэҥэтии быһыытынан олоххо киллэрии бырайыагынан буолар.
«Бүгүн биһиги Дьокуускай куорат 5-с №-дээх уонна Пригороднай 12-с №-дээх оскуолаларыгар эбии икки дьиэни арыйдыбыт. Быйыл Дьокуускай куоракка 6 оскуоланы тутууну саҕалыыбыт. Урут маннык суох этэ. Маннык хайысханы инникитин даҕаны тутуһуохпут диэн эрэнэбин», – диэн эттэ Айсен Николаев.
Ил Дархан тутааччыларга уонна куорат дьаһалтатыгар түргэн тэтимнээх уонна хаачыстыбалаах үлэлэрин иһин махтанна. 3 этээстээх 2 тыһ кв.м иэннээх 5-с №-дээх оскуола эбии тутуутугар үөрэтэр кэбиниэттэртэн, лабораториялартан ураты өссө тренажернай уонна хореографическай саалалардаах, факультативнай дьарыктар, психолог, социальнай педагог, медиатека хостордоох, ону сэргэ лифт уонна инбэлииттэргэ быһа үөһэ тахсар анал лифт оҥоһуллубут.
Бүгүн 5-с №-дээх оскуолаҕа балтараа тыһыынча кэриҥэ оҕо үөрэнэр, гуманитарнай уонна технологическай хайысханан үөрэх барар.
Санатан эттэххэ, оскуолаҕэ эбии тутууну таһынан оскуола территорията уонна аттынааҕы дьиэлэр тиэргэннэрэ кытары оҥоһуллубута. Куорат мэрэ Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, инникитин даҕаны маннык дьаһанан үлэлиэхтэрэ уонна оскуола сүрүн куорпуһугар быйыл капитальнай өрөмүөнү ыытыахтара.
«Киин куоракка үөрэх стандарка эппиэттиэхтээх, олор кэлин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаныахтаахтар. Мин эрэнэбин, Бэрэсидьиэн Владимир Путин Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын уонна сайдыытын институттарын көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ ыытар бырайыактара улахан көдьүүстээх буолуохтара уонна сотору кэминэн биһиги хаачыстыбалаах үөрэхтээһини ситиһиэхпит», — диэн эттэ Ил Дархан.
Айсен Николаев учууталлары уонна төрөппүттэри оскуола саҥа куорпуһугар киирбиттэринэн эҕэрдэлээтэ уонна Саха сирэ уонна Арассыыйа инникитэ педагогтар илиилэригэр баарын бэлиэтээн эттэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…