Дьокуускай куорат 6-с нүөмэрдээх оскуолатыгар Бүтэһик чуораан тыаһаата

Share

Бүгүн Дьокуускай куорат 6-с нүөмэрдээх оскуолатыгар Бүтэһик чуораан тыаһаата. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Үөрэх уонна билим миниистирэ Ирина Любимова, Дьокуускай куораттааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Мария Петрова кытыннылар.

“Быйыл Саха сирэ киһитин ахсаанынан мөлүйүөҥҥэ тиийиэхтээх. Төһөнөн элбэх оҕо, соччонон элбэх оскуола, уһуйаан тутуллара ирдэнэр. Быйылгы сылга 18 оскуоланы, 6 уһуйааны туттубут. Ааспыт биэс сылга 48 оскуола уонна 75 уһуйаан үлэҕэ киирбитэ.

Былырыын биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарбыт хас биирдии үөрэнээччигэ 100-түү тыһ. солк. бириэмийэни туттарбыппыт. Бириэмийэни барыта 22 үөрэнээччи ылбыта. Оҕолору көҕүлүүр, өйүүр инниттэн бу бириэмийэни салгыырга быһаарынным. Саамай сүрүнэ бу буолбатах, кылаабынайа биһиги оҕолорбут патриот, куораппытын, өрөспүүбүлүкэбитин, дойдуну  хамсатар кыахтаах дьон быһыытынан иитиллэн тахсаллара суолталаах. Оскуоланы бүтэрээччилэргэ ситиһиини баҕарабын”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаевы Бүтэһик чуорааҥҥа тустаах оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Лисенев Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр буолбут быһа сибээс кэмигэр ыҥырбыта. “Бүгүн Бүтэһик чуораан күнэ, долгуйбыт. Ил Дарханы оскуолабытыгар ыҥырар туһунан санаа бэйэм толкуйум этэ. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтинэн туттарбыт оскуолата буолар”, — диэн Максим суруналыыстарга хоруйдата.

Хаартыска: ааптар.

11-с кылаас үөрэнээччитэ Марина Дьяконова: “Кылааспытыгар 14 кыыс, 10 уол үөрэнэр. 2019 сыллаахха, оскуола саҥа тутуллан үлэҕэ киирэр сылыгар улуустан көһөн кэлбитим. Оскуолабын олус сөбүлүүбүн, бүгүҥҥү үөрүүлээх күнтэн долгуйабын. Биир кэлим эксээмэҥҥэ устуоруйаны уонна обществознаниены талбытым. Юрист буолар баҕа санаалаахпын”, — диэн үөрүүтүн үллэстэр.

Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат 6-с нүөмэрдээх оскуолатыгар барыта 1492 оҕо үөрэнэр, быйыл 24 үөрэнээччи бүтэрэр.

Хаартыска: ааптар.
Хаартыска: ааптар.
Хаартыска: СИА
Хаартыска: ааптар.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

48 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

1 час ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

3 часа ago