Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Александр Ильин: “Байыаннай дьайыы кэмигэр былаас биир сомоҕо буолуохтаах”
Билигин тэриллэр былаас систиэмэтэ биир хамаанда курдук үлэлиэхтээх, бу чуолаан байыаннай дьайыы ыытыллар кэмигэр суолталаах. Бу туһунан Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Александр Ильин олохтоох бэйэни салайыныы саҥа федеральнай сокуонун бырайыагын ырытыспыт “төгүрүк остуол” түмүгүнэн норуот талбыт дьонун туһунан этэригэр иһитиннэрдэ. Ону тэҥэ, кини мээри дьокутааттар талар ньымалара демократияттан тэйиини бэлиэтиир диэн сорох бэлиитиктэр этиилэрин утарда.
— 2020 сыллаахха Арассыыйа Конституциятыгар уларытыылары киллэриигэ Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын буолбута. Биһиги дойдубут, ол иһигэр Саха сирэ куоластаабыт сүрүн балаһыанньаларыттан биирдэстэринэн, публичнай былаас биир систиэмэтин тэрийэри уонна судаарыстыбаннай былаас уоргана олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийэргэ кыттыыта буолар.
Кэлиҥҥи сылларга федеральнай таһымҥа бу бириинсиби олоххо киллэрии утум-ситим хаамыыта ыытыллар. Ол курдук, федеральнай таһымҥа Судаарыстыбаннай Дуума билигин Бырабыыталыстыбаны тэрийиигэ кыттар. От ыйыгар муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганнара олохтоох дьаһалтаны тэрийиигэ кыттарга быраабы ылбыттара.
Билигин байыаннай дьайыы уонна биһиги дойдубутун тастан баттааһын кэмигэр, былаас биир сомоҕо буолара, күүһүн уонна баар кыаҕын барыбыт кыайыыбыт туһугар туһаайара ирдэнэр. Саҥа систиэмэҕэ былаас бары уорганнара – эрэгийиэн баһылыга, мэр, дьокутааттар бары биир хамаанда курдук үлэлииллэр. Бусудургута суох кэмҥэ улахан суолталаах.
Саҥа схеманан муниципалитеттар баһылыктарын талыы, олохтоох бэйэни салайыныы туһунан саҥа федеральнай сокуонунан көрүллэр. Бу быһаччы быыбардааһын курдук эмиэ сокуоннай көрүҥ. Саҥа көрүҥ уратыта диэн, эрэгийиэн баһылыктара хандьыдааттары кытаанахтык сүүмэрдииллэрэ уонна салгыы бастыҥ сорунааччыны дьокутааттар куорпустара талара сабаҕаланар. Маннык систиэмэ демократичноһы намтаппат, төттөрүтүн куорат баһылыгын аһаҕастык уонна дьон сатабыллаахтык (профессионально) талалларыгар усулуобуйаны тэрийэр. Олохтоохтор уруккутун курдук бэйэлэрин дьокутааттарын талыахтара. Кинилэргэ куоластаан сорудах уонна барыллаан куоластааһыны ааспыт бастыҥ хандьыдааттартан куорат баһылыгын талалларыгар быраап биэрэллэр, – диэн дьокутаат Александр Ильин бэлиэтиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: