Дьокуускай куорат хаһаактарын уокуруктааҕы уопсастыбата үөрэтэр хомуурун түмүгүн таһаарда
Дьокуускай куорат хаһаактарын уокуруктааҕы уопсастыбатын ыстаабыгар «Казачий рубеж» үөрэтэр-хонуу хомуурун уонна киин куорат Күөх хонуутугар балаҕан ыйын 21 күнүгэр ыытыллыбыт аармыйаҕа ыҥырыллыан иннинээҕи саастаах ыччат Бүтүн Арассыыйатааҕы спартакиадатын кыайыылаахтарын наҕараадалааһын буолан ааста.
Дьокуускай куорат хаһаактарын уокуруктааҕы уопсастыбата Дьокуускай куорат баһылыгар уонна Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр салалтаҕа бу тэрээһиннэри ыытыыга көмөлөрүн иһин махталларын тиэрдэр.
Уопсай хамаанданан күрэхтэһии түмүгүнэн кыайыылаахтарынан маннык хамаандалар буоллулар:
I миэстэ – «Дьокуускайдааҕы инновационнай технологиялар кэллиэстэрэ» НПОУ;
II миэстэ – Дьокуускай куорат С.Г. Черных аатынан 16-с №-дээх оскуолата;
III миэстэ – Дьокуускай куорат 26-с №-дээх оскуолата;
«Дьокуускайдааҕы хаһаактар полкалара» уопсастыба ыыппыт «Казачий рубеж» үөрэтэр-хонуу хомуурун кыайыылаахтара:
I миэстэ – Дьокуускай куорат 10-с №-дээх оскуолата;
II миэстэ – «Дьокуускайдааҕы инновационнай технологиялар кэллиэстэрэ» НПОУ;
III миэстэ – Дьокуускай куорат 19-с №-дээх оскуолата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: