Дьокуускай куорат преподавателэ смартфонугар сыһыарыы туруоран, 2 мөл. солк. харчытын сүтэрдэ
Бу күннэргэ 68 саастаах преподаватель-искусствовед смартфонугар сыһыарыы хачайдаан, 2 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ харчытын сүтэрдэ.
Киниэхэ биир күн эбиэт кэннэ бассаап* нөҥүө эрийбиттэр. Түөкүн кыыс «Россети» үлэһитэ буолан кубулунан, электросчетчиктары уларытар кэм кэлбитин туһунан биллэрбит. Икки өрүттэр дуогабар түһэрсибиттэр уонна электросчетчиктары бэнидиэнньиккэ уларытарга быһаарсыбыттар. Ити кэннэ кыыс сыһыарыы хачайдыырга соруйбут уонна бассаап* нөҥүө сигэни ыыппыт. Бу кэмҥэ офиска бииргэ үлэлиир кэллиэгэтэ «Россети» сыһыарыы сигэтинэн киирэн төлөпүөнүгэр сыһыарыыны туруора охсубут.
Ит күн киэһэ уонна түүн өттүгэр дьахтарга араас дьон эрийэр буолбуттар, ол эрээри дьахтар төлөпүөнүн ылбатах уонна сороҕун блоктаабыт. Сарсыарда уһуктан баран төлөпүөнүн нөҥүө 1 800 000 солк. суумалаах кирэдьиит ылыллыбытын, итини кытта 134 000 солк. суума харчытын уорбуттарын билбит. ИДьМ 4 №-дээх полициятын үлэһиттэрэ хачайдаммыт төлөпүөн сыһыарыыларын туһанан харчыны уорбуттарын быһаарбыттар. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
*признана экстремисткой организацией, ее деятельность запрещена в России
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: