Салгыы
Дьокуускай куорат XVII-XVIII үйэтээҕи олоҕун сэгэттэххэ

Дьокуускай куорат XVII-XVIII үйэтээҕи олоҕун сэгэттэххэ

09.11.2024, 11:45
Хаартыска: Иван Фролов туос суруктары көрдөрөр. Ааптар түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Ол быыһыгар саамай сыаннайдара – хатыҥ туоһугар чэрэниилэнэн суруллубут дьаһаах докумуоннара этилэр.

Бэҕэһээ, сэтинньи 8 күнүгэр, ХИФУ археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлигэр “Якутский острог. Сохраняя историю, строим будущее” быыстапка аһылынна. Манна хаһыылар кэмнэригэр көстүбүт араас булумньу көрдөрүүгэ туруоруллубут: манньыаттар, кытай фарфоровай иһиттэрэ, тимэхтэр, туой иһиттэр, акка туттуллар тээбириннэр, кыптыыйга тиийэ олох-дьаһах маллара, о.д.а. — быһата ити кэмнээҕи куорат олохтоохторо тугунан тутталларын, туох олохтоохторун билэҕин. Алдьаммыт иһиттэри түмэл үлэһиттэрэ олус кыһаллан туран килиэйдээбиттэрэ көстөр.

Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын “Утум+” бөлөх хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы О.Г. Карамзин, “Хотугу археология-1” НПО салайааччыта И. Фролов, култуура министирэ А.И. Ноев, Е. Ярославскай аатынан Кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Н.Д. Бугаев, историческай билим дуоктара, бэрэпиэссэр А.Н. Алексеев, ХИФУ билимҥэ уонна инновацияҕа проректора Е.Э. Соловьев, о.д.а. тиэртилэр.

Манна хаһыы да кэмигэр, быыстапка да тэриллэригэр “Утум+” бөлөх хампаанньа төрүт нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа үтүө холобуру көрдөрбүтүн үгүстэр чопчулаан эттилэр. Бу үлэ бара турар сирдэригэр хампаанньа дьиэ тутуохтаах эбит, ол да буоллар кинилэр археологическай хаһыылар оҥоһуллалларын көҕүлээбиттэр, көмөлөспүттэр. Быыстапка да үрдүк таһымҥа ыытылларыгар улахан кылааттаахтар.

Иван Фролов, “Хотугу археология-1” НПО салайааччыта: “Саха сирэ кистии сыппыт ураты булумньуларын Дьокуускай олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар көрдөрөрбүт олус наадалаах. Хаһыыларга 160-тан тахса куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар кыттыбыттара, онон манан кэлэн кинилэр кэлэн үлэлэрин түмүгүн көрүөхтэрэ. Хаһа сылдьар кэмнэригэр булумньулар маннык көрүҥнээх буолбатахтар этэ, ол гынан баран бу барыта кинилэр көмөлөрүнэн көһүннэҕэ дии. Билигин билим отчуота оҥоһуллар, публикациялар суруллуохтара, саҥаттан саҥа дааннайдар көстөн иһиэхтэрэ”, — диэн туран сайын хаһыыларга үлэлээбит ыччаттарга өссө төгүл махтанна.

Лилия Алексеева, ХИФУ археологияҕа уонна этнографияҕа түмэлин дириэктэрэ: “Хаһыылары “Хотугу археология-1” НПО ыыппыта, биһиги университеппыт бииргэ үлэлиир сөбүлэһии чэрчитинэн эмиэ кыттыспыта, ол хаһыыга көстүбүт малларынан быыстапка тэрилиннэ. Олус ыгым кэмҥэ иһигэр тэрийдибит, ханна да көрдөрүллэ илик матырыйааллар көрдөрүүгэ туруорулуннулар: туос суруктар, XVII-XVIII үйэтээҕи кытай фарфорыттан мал-сал, икки үйэни хабар буолан, фарфор манна кэлбит түһүмэхтэрин барытын кэпсиир. Быыстапка “Утум+” хампаанньа кыттыылаах аһылынна, ахсынньы бүтүөр диэри туруоҕа, элбэх киһи сылдьар буоллаҕына уһатыахпыт. Туос суруктары сороҕун аахтылар, бу дьаһаах кинигэтэ буолара чуолкайданна, 10-с сурук Камчаткатааҕы Салютарскай остуруок киэнэ буолара билиннэ. Онон бу улахан сенсационнай аһыы буолар. Маннык туос сурук Новгородка саамай элбэх, Арассыыйа атын куораттарыгар да көстүтэлээбиттэрэ. Үгүстэрэ бөрүөнэн суруллубуттар этэ, биһиэннэрэ чэрэниилэнэн суруллубут буоланнар эмиэ уратылаахтар”.

Кыһыл лиэнтэ кырыллыбытын кэннэ, мустубут дьоҥҥо анаан Иван Фролов көстүбүт экспонаттарынан бэрт интэриэһинэй экскурсияны оҥорон, Дьокуускай куорат XVII-XVIII үйэтээҕи олоҕун сэгэтэн көрдүбүт.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: