Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнии боппуруостарынан мунньах буолла. Ханнык үлэлэр, тэрээһиннэр ыытыллыахтарай?
Мунньахха Дьокуускай аҕа баһылыгын солбуйааччы, дьаһалта аппараатын салайааччы Руслан Тимофеев, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова оробуочай бөлөхтөрү кытта уулуссалары, болуоссаттары, пааматынньыктары өрөмүөннээһин, култуурунай-маассабай тэрээһиннэри, аһымал аахсыйалары ыытыы, о.д.а. боппуруостары дьүүллэстилэр.
Кыайыы 80 сылыгар Кыайыы болуоссатыгар, Ийэ искибиэригэр, Кыайыы пааркатыгар тупсарыы үлэлэрэ ыытыллыахтара. Маны тэҥэ, Аҕа дойду сэриитин дьоруойдарын пааматынньыктарын өрөмүөннүөхтүөрэ, ыраастыахтара, саҥардыахтара.
Култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ Кыайыы знамятын көтөҕүү сиэрэ-туома, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр, миитиннэр, «Поем двором», «Окна Победы», «Вальс Победы» аахсыйалар, быыстапкалар, кэнсиэртэр, барыта 90-тан тахса тэрээһин ыытыллара былааннанар.
Маны тэҥэ, оҕолорго Кыайыы параада ыытыллыаҕа. Бу параад оҕолорго Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан билэллэригэр, патриотическай иитиигэ туһуланар.
Бу күннэргэ Губинскай уоукурукка мурал тутуллуутун кэнсиэпсийэтэ оҥоһулла сылдьар диэн Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…
Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…