Дьокуускай мэрэ көҕөрдүүгэ мэһэйдиир сүөһүлэргэ быһаарыы буларга модьуйда
Куорта киинигэр бэйдиэ сылдьар сүөһүлэр куорат көҕөрдүүтүгэр уонна тупсарыытын хааччыйыытыгар кутталы үөскэтэллэринэн сөптөөх быһаарыы ылыллыаҕа. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев Ильмень аатынан уулуссаҕа бэлиэтэнэр кыһалҕаны быһаарарга сорудахтаата диэн «Эхо столицы» ТГ-ханаала иһитиннэрэр.
«Биһиэхэ, чуолаан, Илмень аатынан уулуссаҕа куорат олохтооҕо бас билэр сүөһүлэрэ бэйдиэ сылдьаллара бэлиэтэнэр. Бу балаһыанньаны бэрээдэктииргэ куораттааҕы адмнистративнай хамыыһыйа, тыа хаһаайыстыбатын управлениета уонна муниципальнай инспекциялар, Сайсары уокурук дьаһалтата көҕөрдүүнү харайарга сөптөөх быһаарыыны көрдүүргэ сорудахтыыбын», — диир куорат мэрэ.
Бу иннинэ Ильмень аатынан уулуссаҕа саҥа олордуллубут мастары суох оҥорор сүөһүлэр хаһаайына үс тыһыынча солкуобайга ыстарааптаммыта биллэр. Онуоха эбии өссө биэс тыһыынча солкуобайга диэри хос ыстарааптаныан сөп. Дьокуускайдаҕы административнай хамыыһыйа быһаарыытынан, дьиэ кыылларын мэччитэ таһаарыы анал сирдэринэн ыытыллыахтаах. Бу иннинэ Ильмень аатынан уулуссаҕа саҥа олордуллубут мастары сүөһүлэр сиэбиттэрэ биллибитэ. Ол кэмҥэ 20-чэ дьаабылыка маһа алдьаммыта-кээһэммитэ. Дьыала билиҥҥитэ сүөһүнү бас билээччигэ ыстараабынан эрэ хааччахтанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: