Салгыы
Дьокуускай олохтооҕо атын киһи массыынатын алдьатта

Дьокуускай олохтооҕо атын киһи массыынатын алдьатта

16.05.2023, 15:48
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат ИДьМ 2-с №-дээх полиция салаатыгар Дьокуускай олохтооҕо үҥсүү түһэрбит. Ол курдук «Тойота-Аксио» массыынатын алдьаппыттарын туһунан иһитиннэрбит.

Хоромньу суумата 10 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Суһал көрдөөһүн түмүгүнэн, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 37 саастаах уорбаланааччыны туппуттар. Онно биллибитинэн, эмсэҕэлээччи билэр дьонугар ыалдьыттыы кэлбит уонна массыынатын дьиэ таһыгар туруорбут. Уорбаланааччы тахсан массыына мэһэйдии турбутун көрөн кыыһыран, атын киһи массыынатын күлүүһүнэн хайа тардыбыт.

Арасссыыйа Федерациятын холуобунай кодексатын 167 ыст.1 ч. «Киһи бас билиитин соруйан алдьатааһын» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: