Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит
Дьокуускай олохтооҕо түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрэн, 300 тыһыынча солкуобай кэриҥэ харчытыттан мэлийбит.
Дьокуускайга 2 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар министиэристибэ исписэлииһиттэн сайабылыанньа киирбит. Быһаарыллыбытынан, киниэхэ салалтатыттан диэн сымыйа иһитиннэрии ТГ кэлбит. Салайааччытын хаартыската уонна аата баарын көрөн кини итэҕэйбит. Ол курдук, ыытыллар бэрэбиэркэнэн кинини кытта сотору ФСБ сибээскэ тахсыахтарын туһунан этиллибит. Сотору буолаат, «ФСБ үлэһитэ» эрийэн кини аатыгар кирэдьиит ылан эрэллэрин, онон «утары» кирэдьиит ыла охсон, бу дьону тохтотон кэбиһэр наадатын эппит. Бу киһи сүбэтинэн эмсэҕэлээччи кирэдьиит ылбыт, «Мир рау» сыһыарыы туруоруммут, саҥа каарталаммыт уонна ылбыт харчытын банкоматынан ыытан кэбиспит. Ол кэнниттэн салгыы, аны, «Мир рау» диэнтэн саҥа счетун соторугар бирикээстээбиттэр. Эмсэҕэлээччи онно ыраахтан олорон албынныыр түөкүттэргэ киирэн биэрбитин сэрэйбит. Ол эрээри, кини ити кэмҥэ түөкүттэргэ номнуо 295 тыһ.солк. кирэдьиит ылан ыыта охсон кэбиспит.
СӨ ИДьМ дьону-сэргэни сэрэхтээх буоларга ыҥырар. Угаайыларыгар киллэрээри түөкүттэр тэрилтэ салайааччыта аатыран, дьоҥҥо сотору ФСБ эбэтэр салалта төлөпүөннүө диэн сымыйалыыллар. Биллэн турар, ол кэнниттэн кирэдьиит ыларга уонна харчыларын ыытарга күһэйэллэр. ИДьМ итинник иһитиннэрии кэллэҕинэ, кэпсэтимэҥ диэн сэрэтэллэр, сүбэлииллэр.
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
Хаартыска:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: