Салгыы
Дьокуускай оскуолаларыгар WhatsApp* боболлор

Дьокуускай оскуолаларыгар WhatsApp* боболлор

Ааптар:
19.03.2024, 16:58
Хаартыска: istockphoto.com
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат оскуолаларын учууталларыгар, үөрэнээччилэригэр уонна төрөппүттэригэр WhatsApp*/бассаабы туһаналларыгар туттунарга этии киллэрдилэр. Маннык быһаарыы муус устар 1 күнүттэн үлэлиирин туһунан 1 №-дээх Дьокуускайдааҕы классическай гимназия учууталлара иһитиннэрбиттэрин якутия-инфо суруйар.

Ол оннугар учууталлар төрөппүттэри кытта «Сферум» платформаҕа суруйсарга этии көтөхтүлэр. Бу иннинэ урут платформа үлэтэ мөлтөҕүттэн хас да төгүл кириитикэлэнэ сылдьыбыттааҕа. Оттон Дьокуускай мэриятын үөрэҕин управлениетыгар маннык бобуу уонна хаайыы суоҕун туһунан бэлиэтээтилэр.

«РФ Үөрэҕин уонна СӨ Үөрэҕин министиэристибэлэрэ «Сферум» платформаҕа оскуола бары үлэһиттэрин көһөрөргө сорудах туруорбута. Ити дьаһал үлэлээбитэ хайыы-үйэ ыраатта, арай бу иннинэ боростуой уопсастыбаннай чааттары таарыйбат этэ», — диэн Дьокуускай мэриятын үөрэҕин управлениетыгар эттилэр.

Билигин төрөппүттэр да, үлэһиттэр да басаапка күннээҕи боппуруостарын дьүүллэһэргэ уопсай бөлөхтөрү арыйаллар.

*  Принадлежит компании Metа, которая признана в России экстремистской организацией и запрещена.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: