Дьокуускай таһынааҕы суолу-ииһи — болдьоҕун иннинэ

Share

Дьокуускай таһынааҕы суолу-ииһи болдьоҕун иннинэ өрөмүөннээн бүтэриэхтэрэ.

Былаан быһыытынан 2024  сылга түмүктүөхтээхтэр этэ. Үлэ «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Бүгүн үлэ-хамнас хайдах салҕанан иһэрин Ил Дархан көрдө-иһиттэ. Сыырдаахха 1,434 м уһуннаах Кымньыылаах уонна Первомайскай, Тулагыга  уопсайа 1,473 м. Совхознай уонна Строительнай уулуссаларга сырытта.

Куорат таһын олохтоохторун сүрүн көрдөһүүлэрэ — инфраструктураны сайыннарыы. Бу уулусса эрэ өрөмүөннэнэрэ буолбатах, манна уот-күөс, оптуобус сырыыта эмиэ киирэр. Балары быһаарыахпыт«, — диир Ил Дархан Айсен Николаев.

Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна

Маны таһынан, кини «Сатал» СОТ таһыгар баар Севернай түөлбэҕэ суол өрөмүөнүн көрдө. Урут манна элбэх оҕолоох ыалларга учаастактар бэриллибиттэригэр, кинилэр манна суолу-ииһи оҥорор туһунан хаста да туруорсубуттар. 2019  сыллаахха «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан дьон олорор түөлбэтигэр 6,5 км суолга таас-кумах булкадаһыга кутуллубут. Үлэни салгыыр былааннаахтар.

Санатан эттэххэ, Дьокуускайга 22  км тахса суолу-ииһи өрөмүөннүүр туһунан былаан ылыныллыбыта, онно 2,3 млрд солк. үп көрүллүбүтэ. Оттон казначейскай кирэдьиит көмөтүнэн, 30 км кэриҥэ суол оҥоһуллан киириэ. Тулагы-Киллэмҥэ эбийиэктэри таһынан, Марха микрооройуонугар уулусса, Табаҕаҕа Комсомол уонна Строительнай уулуссалар, о.д.а. былааннаналлар.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3365422 киирэн көрүҥ.

СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Кэнники сылларга успуорт 50 бөдөҥ эбийиэгэ тутулунна

2018 сылтан Саха сиригэр успуордунан дьарыктанарга, улахан күрэхтэһиилэри ыытарга анаан 50 эбийиэк тутуллубут. Бу туһунан СӨ…

15 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тохсунньу күнүн-дьылын билгэтэ

Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Эдьигээҥҥэ Бэстээх сэлиэнньэтигэр уотунан ититиини холбуохтара

Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайбыта. Билигин онно уотунан ититиини холбууллар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Айылҕа улуу дьоҕурдаахтара: Чачыгыр Таас Ойууну ыҥырыылара

"Улуу ойуун күүһэ биэс үйэ өһүллүбэт" дииллэр эбит. Чачыгыр Таас Ойуун 1500-1600 сс. кэмҥэ, олорон ааспыт…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр — ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ

Ороһуоспа алыптаах күннэригэр эһигини СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр күүтэллэр. Тохсунньу 3, 4, 5 уонна 6…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха сиригэр 2024 сылга хас оҕо төрөөтө?

Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар 10721 оҕо күн сирин көрбүт: 5443 уол,…

4 часа ago