Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарынан 500 млрд солк. ылыахтара
Саха сирин хас даҕаны бөдөҥ куората дойду бырагырааматыгар киирсэн, маастар-былааннарын көмүскээн, тупсарыыга, саҥардыыга үбүлээһини ылыахтара.
Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрэллэригэр 500 млрд. солк. тахса үбүлээһини ылыахтара диэн, бүгүн, тохсунньу 17 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Россия 24» телеханаалын «Прямой разговор» биэриитигэр кэпсээтэ.
«Бу куораттар маастар-былааннарын олоххо киллэрии номнуо саҕаланна. Дьокуускай куоракка Ленин болуоссатын саҥардан тутуу, Сайсары күөлүн тулатын, 202 түөлбэҕэ Р. Дмитриев аатынан искибиэрин тупсаран, саҥардан оҥоруу – бу барыта маастар-былаанынан оҥоһуллар. Нерюнгри куоратыгар, бастатан туран, доруобуйа харыстабылын тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн барар. Билиҥҥитэ онно күүстээх үлэ ыытыллар», — диэн Айсен Николаев кэпсээтэ.
Итини таһынан Ил Дархан Дьокуускай куорат 1-гы №-дээх оскуолатын уонна 203 түөлбэҕэ тутуллуохтаах кэтэһиилээх оскуолалар тустарынан кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: