Салгыы
Туймаада туонатыгар дьаабылыка, акация уонна черемуха мастарын олордоллор

Туймаада туонатыгар дьаабылыка, акация уонна черемуха мастарын олордоллор

Ааптар:
04.06.2024, 11:00
Хаартыска: yakutskcity.ru
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын көрсө Туймаада туонатын көҕөрдүүгэ улахан бырайыак үлэлиир.

Билигин киин куорат үрдүнэн күргүөмүнэн көҕөрдүү үлэтэ ыытылларын туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын сүбэһитэ, дендролог Екатерина Павлова кэпсээтэ.

«»Азия оҕолоро» оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн  Ильмен уонна Пирогов ааттарынан уулуссалары көҕөрдүү үлэтэ барар. «Зеленый рай» хампаанньа бэдэрээччит Ильменскэй аатынан уулуссаҕа үлэтин түмүктээтэ уонна  Пирогов аатынан уулуссаҕа салгыаҕа. Бэдэрээччит мас уонна сибэкки олордуутун ыытар. Икки уулуссанан 700-чэ үүнээйи олордуллар, ол иһигэр дьаабылака маһа,  араҕас карагана, даурскай боярышник, венгерскай сирень уонна сибиир рябината. Маһы олордон баран, Дьокуускай болуоссаттарынан сибэкки арассаадатын олордобут. Маннык улахан олордуу үлэтэ былаанынан салгыы аны күһүн ыытыллыаҕа», — диэтэ Екатерина Павлова.

«Зеленый рай» экологическай хампаанньаны кытта көҕөрдүүгэ уонна үүнээйилэри көрүүгэ-истиигэ үс сылга хантараак түһэрсиллибитэ. Хампаанньа дириэктэрэ Анна Тихонова бу иннинэ ыам ыйыгар Ильмен аатынан уулуссаҕа 600-кэ мас олордубуттарын туһунан санатта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: