Дьиэ кэргэн саха тылын быыһыаҕа

Дьиэ кэргэн саха тылын быыһыаҕа

16.10.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

Ирина Матвеева – маҕаһыыннардаах, эрэстэрээннээх, хас да тэрилтэни салайар урбаанньыт, Дьокуускайга бөҕү арааран хомуйууну бастакынан туруорсан киллэрсибит эко-актыбыыска уонна элбэх оҕолоох ийэ. Аныгы урбаанньыт аҥаардас үлэҕэ, харчыны булууга эрэ болҕойбокко, олоҕу хамсатар уопсастыбанньык буоларын кини холобура көрдөрөр. Ирина оҕону иитиигэ, куорат эйгэтигэр саха тылын сайыннарарга ураты көрүүлэрдээх, ол санааларын бэйэтин блогар үллэстэр. Кинини элбэх эдэр ийэлэр холобур оҥостоллор.

– Кэргэним оҕо сылдьан сахалыы саҥарар эбит, улаатан баран, “умнубуппун” диирэ. Онон кини­лиин нууччалыы кэпсэтэбит. Ол эрээри мин оҕолорбун кытары сахалыы кэпсэтиэм диэн уруккуттан этэрим. Ол миэхэ улахан суолталаах диэн кэргэммэр быһаарбытым, кини өйөөбүтэ. Онтон улахан кыыспытын Лизаны кытта кэргэним сахалыы саҥарар буолан хаалбыта. Тоҕо диэтэххэ, кыра оҕону кытары кэпсэтэргэ тыл улахан саппааһа наадата суох. Оҕону кытары тэҥҥэ үөрэниэххэ, тыл саппааһын кэҥэтиэххэ сөп. Онон “кэргэним сахалыы куһаҕаннык саҥарар” диэн этиини ылыммаппын. Өскөтүн кини саҥарыан баҕарбат да буоллаҕына, биир төрөппүт сахалыы саҥарара уонна эһэлэр-эбэлэр көмөлөрө төһүү күүс буолар.

Бу кэнниттэн мин хас да сыыһаны оҥорбутум – Лизаны нууччалыы тыллаах уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа биэрбиппит. Ол саҕана мин оҕо дьиэҕэ сахалыы саҥарара да сөп, оттон үөрэҕи нууччалыы ылынарыгар чэпчэки буолуо дии саныырым.

Ол кэнниттэн биирдэ өйдөммүтүм, дьиэбитигэр ким да төрөөбүт тылынан саҥарбат буол­бут. Биһиги нууччалыы саҥарар саха ыалыгар кубулуйбуппут. Бу бэйэ алҕаһын билинэр миэхэ ыарахан этэ. Тугу эрэ уларытар элбэх сыраны эрэйэрэ. Оттон мин бэйэм сыаннастарбын умнан, хотторбутум туһунан билинэрим өссө ыарахана.

Онтон дьэ, биирдэ тэлэбиидэнньэҕэ “Город женщин” биэрии­гэ ыҥырдылар. Бэлэмнэнэ олорон санаабытым, бэйэм санаабын төрөөбүт тылбынан ситимнээн тиэрдибэт буолбуппун… Кэпсэппэт буоллахха, саҥарар саҥаҥ кэхтэн хаалар эбит! Мин мантан олус кыһыйбытым уонна төрөөбүт тылбын үөрэтиэм диэн бэйэм бэйэбэр эрэннэрбитим.

Бу кэмҥэ иккис кыыспыт Яна төрөөбүтэ. Онон биһиэхэ иккистээн саҕалыырга кыах үөскээбитэ. “Яналыын сахалыы эрэ саҥарабыт” диэн быраабыла киирбитин кэнниттэн, дьиэбитигэр бары сахалыы кэпсэтэр буолбуппут. Бу кэнниттэн мин дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы саҥарары туруорсар актыбыыска буол­бутум. Оҕону сахалыы иитэргэ уопуппун үллэстэбин.

Билингвизм – мэйиини сайыннарар ньыма

– Билингвизм тиэмэтин дириҥник үөрэтэн барбытым. Биир улахан кыһалҕа – тыллары араар­таан үөрэтии. Лиза “Инникигэ хардыы” кэмпириэнсийэҕэ бырайыак бэлэмнээбитэ, онтон билингвизм олус туһалааҕын туһунан билбиппит.

Билингвизм – икки тылы көҥүллүк баһылааһын. Оҕо 4-5 сааһыгар диэри икки тылы тэҥинэн баһы­лаатаҕына, ол кини мэйиитин күүскэ сайыннарар. Лиза кылаа­һыгар чинчийиини ыыппыппыт. Икки тыллаах уонна нууччалыы эрэ саҥарар оҕолору тэҥнээн көрбүппүт – билингв-оҕолор омук тылын түргэнник ылыналлара, тылга, муусукаҕа дьоҕурдаахтара биллибитэ. Ол эбэтэр, мэйиини сайыннарар, ис эйгэни байытар күүһү (супер-дьоҕуру) – сүдү баайы бас билэр эрээри, оҕоҕо бу наадата суох диэн, эрдэттэн матарыы курдук буолан тахсар.

Билигин улахан дьон үксэ сахалыы саҥарар буоламмыт, төрөөбүт тылбыт баар, тыын­наах курдук. Ол эрээри, инникибитин са­­наан көрдөххө, оҕолорбут сахалыы саҥараллар дуо? Бу кэлэр көлүөнэнэн сахабыт тыла быстан хаалар туруктаах. Куорат эйгэтигэр, биһиги билэр дьоммут оҕолоро 90%-ра нууччалыы саҥараллар. Уон оҕоттон биирэ эрэ сахалыы билэр.

Тыа сирин олохтоохторугар да эрэнэр сыыһа – дэриэбинэҕэ бара сылдьан, кыра оҕолор бары кэриэ­тэ нууччалыы эрэ саҥарар буолбуттарын бэлиэтии көрбүтүм. Саха баай тылын билэр эһэлэр-­эбэлэр сиэннэрин кытары олуттаҕастык нууччалыы кэпсэтэ сатыылларын көрөр-истэр олус хомолтолоох.

Төрөөбүт тылбыт сүтэр турукка киирбитин билэн баран, биһиги эрэ быыһыыр кыахтаахпытын өйдөөбүтүм. Бырабыыталыстыба, оскуола, уһуйаан буолбатах, хас биирдии дьиэ кэргэн эрэ быыһыыр кыахтаах.

Икки быраабыла

– Тула ханнык тыл элбэхтик иһиллэр да, оҕо мэйиитигэр ол тыл иҥэн, сайдан барар. Оҕо нуучча тылын ордук элбэхтик истэр (мультиктарга, оонньууга, атын оҕолору кытта) буоллаҕына, нууччалыы тылланар. Билигин биһиги эйгэбитигэр нуучча тыла баһыйар тыл буолан турар. Онон сахалыы саҥарыан баҕарар буоллахпытына, 80-100% төрөөбүт тылынан саҥарар эйгэни тэрийиэхтээхпит. Бу –  бастакы быраабыла.

Оҕо 4 сааһын кэннэ саҥа тылы үөрэтиини кини мэйиитэ омук тылын курдук ылынар. Оттон 3-4 сааһыгар диэри (тылланар кэмигэр) тылы «губка” курдук иҥэринэр. Онон, бастатан туран, дьиэҕэ тыл эйгэтин тэрийэбит. Элбэхтик кэпсэтэбит – баар маллары ааттыыбыт, ыйытабыт, саҥардабыт.

Эбэлэргэ-эһэлэргэ эрдэттэн быһааран биэрэн, сахалыы ыраастык кэпсэтэллэригэр көрдөһөбүт. Кистэл буолбатах, биһиги бэйэбит булкуйан саҥарабыт. Ол иһин мин төрөөбүт тылбынан ыраастык саҥарарга кыһаллан, тылдьыттары туһанабын, нууччалыы тылы кыбыппат буола сатыыбын.

Иккис быраабыла – тыллары булкуйбаппыт.

Биһиги күннээҕи олоххо хайдах саҥарабытый? “Чэ, быстренько таҥын, бардыбыт, давай”, “маладьыас, мин оҕом, ты умница”, о.д.а. Оҕо бу ханнык тылынан саҥарылларын араарбат, билбэт. Кини хайдах араарыай? Барытын биир тыл курдук ылынар.

Төрөппүт, баҕар, куттанара буолуо, нууччалыы билбэккэ, кэлин туох эрэ табыгаһа суох балаһыанньаҕа түбэһиэ диэн. Билиҥҥи кэмҥэ баһыйар эйгэ тылын тумнар кыах суох. Син биир уулуссаҕа, уһу­йааҥҥа, тэлэбиисэргэ нууччалыы саҥаны истэн, олус түргэнник хаба тардан ылар. Бэйэҕит да сөҕүөххүт.

Бу курдук дьиэ иһигэр икки быраабыланы тутустахха, оҕо сахалыы саҥарар.

Оҕо уонна гаджет дьайыыта

– Аны маннык ыйытааччылар: мин оҕобун кытары сахалыы кэпсэтэ сатыыбын да, кини нууччалыы хоруйдуур диэн. Бу манна бэринимиэххэ наада. Ити аата оҕо гаджеттартан тутулуктаммыт, кини эйгэтигэр нуучча тыла баһыйар буолбут.

Үһүс оҕобут Арина 2,5 сааһыгар букатын аҕыйах тылы саҥарар этэ. Тугу эрэ этиэн баҕарар да, санаатын сатаан эппэтиттэн кыыһырар, ытыыр этэ. Кини 1 сааһыттан эдьиийин кытары мультиктары көрөрө. Оҕобут мультиктан тутулуктаах буолбутун бэйэбит да билбэккэ хаалбыппыт этэ. Яна хал буоллаҕына, тэлэбиисэри арааран баран, оонньуу барар буоллаҕына, Ариша хас да чааһы быһа көрөрө уонна араараары гыннахха, истиэрикэлиирэ.

Оттон былырыын саҥа дьиэҕэ көһөрбүтүгэр, куортамныыр кыбартыырабытыгар тэлэбиисэр суох этэ. Арай, өйдөөбүтүм, Ариша олус холкутуйбут, бэйэтэ оонньуур, дьарык­танар буолбут. Онон биир ыйга тэлэбиисэртэн аккаастанан, кэтээн көрөргө быһаарыммыппыт. Киэһэ аайы дьарыктанар, оонньуур буолбуппут (тэлэбиисэргэ сэлээннээбэккэ). Биллэн турар, бу төрөппүт бириэмэтин ылар.

Биир нэдиэлэ буолаат, кыыспыт икки тылы холбоон саҥарар буол­бута. Бу кэнниттэн, туох эрэ төлө көппүтүн курдук, түргэнник сайдан барбыта. 1-2 ыйынан толору ­этиинэн саҥарар уонна хо­­һоону өйтөн ааҕарга үөрэтэр буолбута. Билигин сахалыы, нууччалыы холкутук саҥарар, английскай тылы үөрэтэр. Чуковскай хоһооннорун нойосуус билэр. Гаджеты, тэлэ­биисэри күҥҥэ 1 чаас көҥүллүүбүт. Ону да сахалыы уонна английскай тылынан мультиктары холбуубут. Оскуолаҕа киириэхтэригэр диэри планшеты да, төлөпүөнү да биэриэхпит суоҕа. Мин оҕолорбун “ютуб” буолбакка, бэйэм иитиэхпин баҕарабын.

Мантан туох түмүгү оҥос­туохха сөбүй? Гаджет буортутун бары билэбит. Мультигы элбэхтик көрөр оҕо тыла сайдыбат. 2 сааһыгар диэри мультигы көрдөрүмэҥ дииллэр эбит. Бу сааһыгар тулалыыр эйгэтин кытары билсэригэр, тыла сайдарыгар саҥа нейроннай ситимнэр үөскүүллэр. Мультикка кини кэтээн эрэ көрөр, онон мэ­­йиитэ сайдыбат. Онон мэйиитигэр тыл сайдар “түннүгэ” сабыллан хаалыан сөп. Чахчы, билигин тыллана илик 4-6 саастаах оҕо олус элбээтэ…

Төрөппүттэр киэһэ сылайан кэлэбит, сынньаныахпытын баҕарабыт. Ол эрээри, гаджеты туттаран кэбиһэн баран, сынньана олордохпутуна, бу оҕо доруобуйатыгар уонна инникитигэр хайдах дьа­­йарый? Мэйии диэн киһи саамай сүрүн уоргана буоллаҕа дии! Тыла-өһө сайдара эрэ буолбатах, хайдах өйдөөх-санаалаах киһи буолан тахсара, оскуолаҕа үөрэҕи хайдах ылынара барыта 1-4 сааһыгар олохтонор. Оттон ол үксэ биһигиттэн, төрөппүттэртэн, тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: