Дьокуускай – ыалдьыт хараҕынан
Сэтинньи саҥатыгар Саха сиригэр дойду киин куораттарын араас үрдүк үөрэх кыһаларыттан “Дьокуускай – Хоту сир күүһэ” диэн устудьуоннар эспэдииссийэлэрэ кэлэн үлэлээн барда.
“Тыыннаах куораттар” сойуус салайааччыта Евгения Громова дойду куораттарын ис тутулларын, экэнэмиичэскэй, социальнай, култуурунай сайдыыларын чинчийэр ааптарыскай бырагырааматын чэрчитинэн 10 устудьуон Саха сиин киин куоратын олоҕун-дьаһаҕын кытта билистэ. Эдэр дьон Дьокуускайга туох соруктаах сылдьыбыттарын туһунан бөлөх салайааччыта, “Тыыннаах куораттар” сойуус бэрэссэдээтэлэ Александра Лазуткиналыын кэпсэттибит.
Саха сиригэр – улахан куонкуруһу ааһан
– Эспэдииссийэ кыттыылаахтара ханнык куораттартан сылдьалларый?
– Арктическай эрэгийиэҥҥэ барар эспэдииссийэ үлэтигэр кыттыыга анал куонкурус биллэрбиппит. Онно 245 эдэр дьон кыттыан баҕарарын биллэрбитэ, онтон 10 бастыҥ устудьуону талбыппыт. Эспэдииссийэ састаабыгар Нижнэй Новгородтан, Воронежтан, Архангельскайтан, Москваттан, Санкт-Петербуртан, Элистаттан, Чебоксартан, Тюменьтан географ, экэнэмиис, эмчит, культуролог, уйулҕа үөрэхтээҕэ, киинэ сценариһа буолуохтаах ыччаттар кыттыыны ыллылар.
Алта күнү быһа устудьуоннар Дьокуускай куорат түмэллэригэр, тыйаатырдарыгар, бөдөҥ тэрилтэлэргэ, мэдиссиинэ кииннэригэр, социальнай тэрилтэлэргэ сырыттылар, саха норуотун култууратын, төрүт үгэстэрин кытта билистилэр. Сырыы түмүгүнэн эспэдииссийэ кыттыылаахтара Саха сирин киин куоратын күүстээх уонна мөлтөх өрүттэрин быһаарыахтара. Биллэн турар, атын дойду ыччаттарын хараҕынан бэйэ олорор сирин көрүү үгүс салайааччыны, уопсастыбанньыгы, көннөрү да олохтооҕу интэриэһиргэтэрэ чахчы.
Култуура эйгэтин билистилэр
– Бырагыраамаҕыт ис хоһооно киэҥ буолуо?
– Саха академическай тыйаатырыгар буолбут СӨ култуураҕа уонна духуобунаска 1990-2014 сс. миниистиринэн үлэлээбит, тыйаатыр аатырбыт режиссера, РФ народнай артыыһа Андрей Борисовы кытта көрсүһүү ыччаттар болҕомтолорун тарта. Түгэнинэн туһанан, биһиги эспэдииссийэ тэрээһин боппуруостарыгар сүҥкэн өйөбүлү оҥорбут Андрей Саввичка барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Олоҥхо тыйаатырыгар Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй “Саха дьахтарын сэттэ мэтириэтэ” испэктээккэ сырыттыбыт. Дьиктитэ баар, тылбааһа суох көрбүт испэктээктэрин ыччаттар таба өйдөөн, тыйаатыр артыыстарын кытта санааларын атастастылар. Норуот сомоҕолоһуутун күнүгэр Саха АССР 100 сылыгар анаммыт Култуура уонна ускуустуба интститутун устудьуоннара кыттыбыт кэнсиэрдэрин эспэдииссийэ кыттыылаахтара олус сөбүлээтилэр.
Устудьуоннар ыйытыылара үгүс
– Киин куорат экэнэмиичэскэй сайдыытын үөрэтэр соруктаах ханнык тэрилтэлэргэ сырыттыгыт?
– “Полярнай авиалиниялар” үлэһиттэрин, «Абырал» санаторий салалтатын кытта көрсөн, икки өттүттэн бэрт туһалаах кэпсэтии буолла. Ыччаттар Саха сирин уратытын билистилэр, араас интэриэһиргиир боппуруостарыгар толору хоруйу ыллылар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков өйөбүлүнэн СӨ Урбаан уонна туризм миниистирин бастакы солбуйааччы Максим Карбушевы кытта көрүстүбүт. Манна эрэгийиэн сайдыытын ырытыыга ыччаттар көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр бөдөҥ тэрилтэлэр, дьоҕус биисинэс уонна олохтоох уорган былаастара бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннарын интэриэһиргээтилэр.
Максим Геннадьевич ыччат кэрэхсиир ыйытыыларыгар барытыгар толору хоруйдары биэрдэ. Эппиэттээх министиэристибэтин эйгэтин эрэ буолбакка, Саха сирин экэниэмикэтин сайдыытын боппуруостарын ырытан, устудьуоннар ыйытыыларыгар толору хоруйдары биэрдэ.
Аны эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт ыччаттар харахтарынан Дьокуускайбытын кытта билсиэҕиҥ.
Семен Соловьев, М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет устудьуона:
– Мин Тюмень куораттан сылдьабын. Университет төрдүс кууруһун географическай факультетын устудьуонабын. Саха сиригэр эспэдииссийэ тэриллэн эрэрин туһунан социальнай ситимнэртэн билбитим. Урукку кэмнэргэ араас эспэдииссийэлэргэ сылдьа үөрүйэх буолан, уопуттаахпын. Университекка социальнай-экэнэмиичэскэй географияны үөрэтэр буолан, эспэдииссийэ бырагырааматын үөрэтэн көрөн баран, кыттарга санаммытым. Улахан куонкуруска кыайан, бэрт дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллым.
Мин Дьокуускайы дойду саамай ыраах, бытааннык сайдар эрэгийиэнин курдук саныыр этим. Бу иннинэ Горно-Алтайскай куоракка сылдьыбыт буолан, хайдах эрэ эмиэ 70-80-с сыллардааҕы эргэ тутуулардаах куорат буолуо дии санаабытым. Олох оннук буолбатах эбит! Арктика зонатыгар олус интэриэһинэй аныгы архитектурнай тутуулаах куорат буоларыттан сөхтүм. Эргиэн кииннэрэ соҕуруу куораттартан туох да атыннара суох эбит. Дьокуускайга биир эрэ эргиэн киинэ баара буолуо дии санаабытым.
Тугу ордук өйдөөн хааллым диир буоллахха, айти-индустрия олохтоохтук сайдыбыт куората эбит. Буолаары буолан, бу салаа дойду улахан куораттара Москва уонна Санкт-Петербург курдук таһымнааҕа сөхтөрдө.
Дьокуускайга икки тылынан – сахалыы уонна нууччалыы тэҥинэн олох холкутук саҥаралларын сонургуу көрдүм. Уулуссаҕа баран истэххэ, ким – сахалыы, ким нууччалыы кэпсэтэр.
Национальнай өрөспүүбүлүкэҕэ сылдьар курдукпут эрээри, биир да сахалыы сурук-бичик баарын көрбөтүм. Татарстааҥҥа маҕаһыыннар, тэрилтэлэр ааттара барыта татаардыы тылынан, онтон тылбааһа суруллар. Дьокуускайга барытыгар нууччалыы уонна английскайдыы тыл баһыйар эбит. Холобура, уулуссалар уонна маҕаһыыннар ааттарыгар. Дьокуускай куораты сирэйдиир биир да туристическай бренд-эбийиэк суоҕа соһутта. Холобура, улахан куорат аайы биир эмэ аатырбыт эбийиэк баар буолар: Москваҕа – Кириэмил, Василий Блаженнай Собуора, Санкт-Петербурга – Исаакиевскай Собор, Казаҥҥа – Кул-Шариф. Дьокуускай олохтоохторуттан ыйытан көрдүм да, кыайан эппэтилэр. Онон ити боппуруостарга болҕомто ууруллуон наада эбит.
Саха сирэ национальнай куукунатынан аатырыан аатырар эбит. Кыһыллыбыт балык минньигэһин билигин урукку курдук истэн эрэ буолбакка, бэйэм амсайан билэбин. Алтайга үгүс национальнай астарын ылымматаҕым. Оттон манна амсайбыт аспытын барытын сөбүлээтим.
Андрей Вильм, эспэдииссийэ үлэтин хаартыскаҕа уонна видеоҕа устан түмэр исписэлиис:
– Москваттан сылдьабын. Урукку кэмҥэ төннүү туһунан ис хоһоонноох киинэ омук сиригэр да, Арассыыйаҕа да үгүс. Ол эрээри “Бүгүн-былыр” киинэни көрөн баран, олус истиҥник ылынным, дэлби күллүм, астынным. Киһи тылбааһа да суох өйдүүр гына уһуллубут. Видео-устуунан дьарыктанар буолан, анал идэлээх киһи быһыытынан, устуу хаачыстыбата үрдүгүн эмиэ бэлиэтии көрдүм. Дьэ, кырдьык, саха киинэтин аатырдыахтарын аатырдаллар эбит.
… Ити курдук, ыраахтан сылдьар ыалдьыт кыраҕы хараҕынан Дьокуускай куораппыт туһунан истэн аастыбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: