Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир

Share

Тохсунньу 10 күнүгэр «Якутскэнерго» АУо Дьокуускайдааҕы ГРЭС 55 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.

Бу күн 1970 сыллаахха бастакы гаас турбината ититэр ситимҥэ холбоммута уонна Саха сирин экэнэмиичэскэй, ону кытта бырамыысыланнай сайдыытыгар ураты олук ууруллубута.

«Дьокуускайдааҕы ГРЭС чахчы барытынан ураты. Биһиги дойдубутугар аан бастакытын ититэр электростанция сыбаайа үрдүгэр ирбэт тоҥ сиригэр тутуллубута. Манна аан бастаан 25 МВт кыамталаах дойдубут гаас турбината туһаныллыбыта. Ол кэннэ биир сылынан станция кыамтата 100 МВт тиийбитэ, салгыы Дьокуускай куорат электроэниэргийэни сайыннарыыга  наадалаах көмөнү ылбыта», — диэн «Якутскэнерго» АУо пресс-сулууспатыгар бэлиэтээтилэр.

2019 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри туспа эниэргийэ ситимигэр сылдьан, Дьокуускайдааҕы ГРЭС 94%  электроэниэргийэнэн Саха сирин киин улуустарын  уонна Дьокуускай куорат  54 % ититиинэн хааччыйбыта. Саха сирэ Арассыыйа биир кэлим тиһигэр холбоспутун кэнниттэн, 2017 сылга Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 үлэҕэ киирэн өрөспүүбүлүкэ туһанааччыларын эрэ буолбакка, Уһук Илини электроэниэргийэнэн хааччыйар. Билигин Дьокуускайдааҕы ГРЭС сайдыылаах эбийиэк, манна оборудованиета мэлдьи саҥардыллар уонна уларытыллар. Станция үлэһиттэрэ хас да көлүөнэ энергетиктэр үлэлэрин салгыыллар. «Салаа ситиһиилэрэ — бу хас да көлүөнэ энергетиктэр үрдүк таһымнаах үлэлэрэ. Станцияны тутууга үлэлэспит уонна манна үлэлии сылдьар хас биирдии энергетик  Саха сирин экэниэмикэтин сайыннарыыга  туруоруллубут бары соруктары ситиһэллэр», — диэн эттэ «Якутскэнерго» ПАУо генеральнай дириэктэрэ Гаврил Алексеев.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэттэри өйүүр саҥа миэрэлэр

2024 сылга дьиэ кэргэттэри өйүүр ханнык миэрэлэр ылылыннылар? 2024 сыл тохсунньутуттан аан бастаан ыал буолар,…

9 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин байыастарыгар Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттардылар

Cаҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ анал байыаннай дьайыы байыастарыгар баһыылкалары тиэрдии салгыы ыытылынна. Саха сириттэн сулууспалааччыларга Ил…

11 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Донбасска көмөлөһөр Хотугулуу-Илиҥҥи пуонда үлэтэ салҕанар

Өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ уонна олохтоохторо байыаннай  дьайыыга мобилизациянан уонна баҕа өттүнэн барбыттарга көмөлөрө салҕанар.…

12 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Моойторугу тигии кистэлэҥин арыйдылар

Тохсунньу 9 күнүгэр “Симэх” арт-солуоҥҥа үгэс буолбут иискэ маастар-кылаас ыытылынна. Түүлээх моойторугу тигиигэ маастар-кылааһы  үөрүйэхтээх…

31 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ааспыт сууккаҕа Дьокуускай олохтоохторо 500 тыһ. тахса суума харчыны уордарбыттар

Дьокуускай куорат икки олохтооҕо түөкүттэргэ албыннатан харчыларын сүтэрдилэр. Кинилэр полицияҕа сайабылыанньа суруйдулар диэн Саха сиринээҕи…

41 минута ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Больничнай илиис төлөбүрүн ааҕыллыыта уларыйар

2025 сылга больничнай илиис босуобуйатын кээмэйэ улаатар. Больничнай илиис төлөбүрэ күҥҥэ 5 673,97 солк. диэри…

52 минуты ago