Аҕыйах хонуктааҕыта Москваҕа үтүө үгэскэ кубулуйбут Норуоттар икки ардыларынааҕы кадеттер VII бааллара буолан ааста. Манна сыллата дойду араас муннугуттан кадеттар оскуолаларын, кылаастарын бастыҥ үөрэнээччилэрэ кытталлар. Быйыл Саха сирин аатын Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын үөрэнээччилэрэ көмүскээтилэр.
Сыл үөрүүлээх тэрээһинигэр дойду 74 субъегыттан итиэннэ доҕордуу дойдулартан 400-тэн тахса үөрэх тэрилтэтин 1600 иитиллээччитэ кытынна. Куонкуруһу ааһан, Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Владимир Филиппов, Иван Пинигин, Богдан Егоров итиэннэ Дьокуускайдааҕы оҕо киинин “Күн мичээрэ” ансаамбылын иитиллээччилэрэ Саина Захарова, Валерия Мохова, Зоя Осипова барар чиэскэ тигистилэр (сал. Анна Алексеевна Яковлева, Вероника Владимировна Слепцова). Бу икки тэрилтэ оҕолоро туруорбут кыттыгас үҥкүүлэрин Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, ырыаһыт, композитор Дмитрий Дунаевы кытта дойду тэбэр сүрэҕин улахан саалатыгар толорор дьолун биллилэр.
Оҕолору арыаллаан илдьэ сылдьыбыт Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолаларын учуутала Варвара Никифорова: “Биһиги иитиллээччилэрбит 2017, 2018, 2019 сыллардааҕы баалларга кыттыбыттара. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста, киэҥ далааһыннаах, патриотическай тыыннаах”, — диэн санаатын үллэстэр. Онтон оҕолор баалга бэйэтигэр кыттыы букатын ураты тыыны, иэйиини үөскэтэр, үгүс умнуллубат, чаҕылхай түгэннэри хаалларда диэн этэллэр.
Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Судаарыстыбаннай Дуума оборуонаҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ генерал-полковник Андрей Картаполов эппитинэн, быйылгы Кадеттар баалларын дьүүллүүр сүбэтигэр 1200 сайаапка-видео киирбит. “Дойдубут патриот ыччатын көрөр олус үчүгэй. Оҕолор видеоларыгар бэйэлэрин үөрэхтэрин кыһатын, тоҕо кадетскай үөрэҕи талбыттарын, ситиһиилэрин, соруктарын, киминэн-тугунан киэн тутталларын кэпсииллэр. Маны истэн, көрөн Арассыыйа суударыстыбатын бигэ тирэҕинэн буолбут, буолар ыччаппытынан киэн туттабыт”, — диэн бэрэссэдээтэл киин сонуну тарҕатар куйаар ситимигэр эппитэ баар.
Дойду араас муннугуттан киирбит сайаапкалартан талыллан, сылга биирдэ ыытыллар баалга кыттыы чахчы үйэ тухары умнуллубат өйдөбүлү хаалларара саарбахтаммат. Эдэр кыттааччыларга инникитин да үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…