Салгыы
Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката кэҥиир, сайдар

Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката кэҥиир, сайдар

Ааптар:
02.01.2023, 11:15
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката 2022 сылга 84 мөлүйүөнтэн элбэх сымыыты оҥорон таһаарбыт, бу — 2021 сыллааҕар 4 мөлүйүөнүнэн элбэх. 

Бу үрдээһин фабрика оҥорон таһаарыытын үрдэтэр сыалтан сыахтары саҥардыыны кытта ситимнээх. Соторутааҕыта көтөр фабрикатын үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин түмүктэрин таһаарар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко кыттыылаах мунньах  буолбута. Санатар буоллахха, тэрилтэ сыл аайы сымыыты оҥорон таһаарыыны үрдэтэр сыалы-соругу ылыммыта.

«Көтөр фабриката кэлиҥҥи сылларга күүскэ сайынна, саҥа сыахтар үлэҕэ киирэллэр, саҥа оборудованиелары атыыластылар. Фабриканы сайыннарарга аналлаах тиэхэньиичэскэй бырагыраама салгыы үлэлиэҕэ. Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олохтоох бородууксуйанан хааччыйар инниттэн олохтоох оҥорон таһаарыыны үрдэтэр туһунан сыал-сорук туруорбута», – диэн Андрей Тарасенко быһаарда.

2022 сыл атырдьах ыйыгар көтөр фабрикатыгар саҥардыы, кэҥэтии үлэтэ ыытыллан, саҥа сыахтар аһыллыбыттара. Ол курдук, 12,2 тыһыынча көтөр миэстэтэ баар, ол 55 тыһыынчаҕа диэри улаатара ситиһиллибит. 2023 сылга 18 №-дээх сыах үлэҕэ киирдэҕинэ, сыл устата 90-тан тахса мөлүйүөн сымыыт атыыга тахсыаҕа. Саҥа сыахха аналлаах оборудование атыылаһыллыбыт. Саҥардан оҥоруу бырагыраамата 2019 сылтан үлэлиир.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: