Салгыы
Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар саҥа сыах аһылынна

Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар саҥа сыах аһылынна

Ааптар:
03.04.2023, 18:57
Хаартыска: Мария Васильева
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыгар  аныгылыы оҥоһуулаах 18-с нүөмэрдээх саҥа  сыах үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Хампаанньа  1,8 тыһ. кв м  иэннээх сыаҕы  саҥардан оҥордо. 

Ол курдук, эргэ сыахха 39 744 көтөр миэстэтэ  баар эбит буоллаҕына, билигин 69 120  буолла. Саҥардан оҥоруу  түмүгэр, тэрилтэ бу сылга  сымыыты оҥорон таһаарыы кээмэйин  7 мөл.  элбэтэр былааннаах. 

Саҥа сыах аһыллыытынан  Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров  эҕэрдэлээтэ.

Бу сыах аһыллыытыгар  тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы бырагырааматын чэрчитинэн 50 мөл. солк. кэриҥэ үп субсидия быһыытынан көрүлүннэ.  Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатын  сайыннарыы өссө салҕаныаҕа, былаан быһыытынан сотору комбикорм оҥорор уонна кууруссаны астыыр сыахтар саҥардыллыахтара”, — диэн эттэ Михаил Никифоров.

Акционернай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Наталия Дягилева: «Фабрика 6 оҥорон таһаарар сыахтара барылара аныгы тэрилинэн хааччылынна. Судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын үбүнэн өйүүр бырагыраамата сөптөөхтүк үлэлиир буолан, көтөрү иитии  салаатыгар үлэ былаан быһыытынан баран  иһэр”, — диэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: