Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка 100 мөл. сымыыты ылар былаанын толоруоҕа
Ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан сымыыт былырыыҥҥы кээмэйин — 97,7 мөл устууканы ыллылар. Сыл бүтүөр диэри 100 мөл устуукаҕа тиэрдии былаанын толоруохтара.
2019 сыллааҕы көрдөрүүлэргэ тэҥнээтэххэ, быйыл сымыыты оҥоруу 1,7 төгүл улаатта. Тэрилтэ бэлиэтииринэн, 2019 сылга Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев баабырыканы тэхиньиичэскэй саҥардыыны өйөөбүтүн түмүгэр ситиһилиннэ.
Птицефабрика оройуонугар ахсынньы 17 күнүгэр фирменнэй маҕаһыыннарын арыйыахтара.
Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр баабырыка сымыыты оҥорууга тирэх оҥорон таһаарааччынан буолар. Кэнники биэс сылга сымыыты оҥорон таһаарыыга ылар өлүүтэ 45%-тан 60 % диэри улаатта, нэһилиэнньэни сымыыт бородууксуйатынан хааччыйыы 24%-тан 39 % диэри үрдээтэ.
Ньурбатааҕы көтөрү иитэр баабырыканы ыччат көтөрүнэн хааччыйар. 2019 сылтан Нерюнгритээҕи көтөрү иитэр баабырыканы чоппуускаларынан хааччыйар, Мииринэйдээҕини — 2020 сылтан. Ону тэҥэ пиэрмэрдэргэ сымыыттыыр кууруссалары, инкубационнай сымыыттары биэрэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскалар: sakha.gov.ru ылылыннылар
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: