Дьокуускайдааҕы мэдииссинэ кэллиэһин устудьуона Калугаҕа пуорумҥа кытынна

Share

Орто анал үөрэхтээһин федеральнай технопааркатыгар уонна Калуга куорат атын былаһааккаларынан атырдьах ыйын 26-27 күннэригэр «Создаём будущее своими руками»  орто анал үөрэхтээһинин пуорума буолан ааста.

Пуорумҥа былаас, биисинэс, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, кэллиэс устудьуоннара кыттыыны ыллылар. Тутаах боппуруостары дьүүллэһиигэ Дьокуускайдааҕы мэдииссинэ кэллиэһин устудьуоннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Барахов кытынна. Икки күннээх пуорум дьыалабыай бырагырааматынан 40- тан тахса тэрээһин буолан ааста: пленарнай мунньах, төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, эспиэрдэр сиэссийэлэрэ, о.д.а.  «СПО: образование размеров с будущее» диэн пленарнай мунньахха орто үөрэҕи бүтэрээччи 9-с кылаас выпускниктарын 60%-на орто анал үөрэҕи талаллар уонна 3,5 мөлүйүөнтэн тахса оҕо кэллиэстэргэ, техникумнарга үөрэнэллэр диэн бэлиэтээтилэр.

Пуорум тэрээһиннэригэр Үөрэх уонна наука миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай салайааччылаах Саха сирин дэлэгээссийэтэ кытынна. Дэлэгээссийэ састаабыгар Саха сирин орто анал үөрэхтээһин салайааччылара уонна бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр. Тутаах  боппуруостары дьүүллэһиигэ  Саха Дьокуускайдааҕы мэдииссинэ кэллиэһин устудьуоннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Барахов кытынна.  Дмитрий «Лечебное дело» идэтигэр иккис кууруска үөрэнэр. Устудьуоннар Сэбиэтигэр Дима бастакы кууруска киирбит уонна тэрээһиннэргэ өрүү кыттар баҕалаах. Билигин устудьуоннар Сэбиэтин састаабыгар 50- тан тахса көхтөөх устудьуон баар.

«Биһиги кэллиэспит устудьуоннары сайыннарар уонна устудьуоннар Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар устудьуоннарбыт араас талааннарын, дьоҕурдарын арыйалларыгар көмөлөһөбүн. Бүтүн Арассыыйатааҕы орто анал үөрэхтээһинин пуорума курдук улахан тэрээһиҥҥэ кыттар миэхэ олус интэриэһинэй уопут буолла. Пуорумҥа элбэх тирээн турар суолталаах боппуруостары дьүүллэстилэр, устудьуоннар үөрэх кэмигэр кыһалҕаларын көтөхтүлэр. Орто үөрэхтээһин сайдыытын  туһунан элбэх сонуну биллим уонна Саха сиригэр билиибин туһаныам диэн эрэнэбин«, — диэн устудьуон үллэһиннэ. Бу туһунан СИА суруйар.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

26 саастаах дьахтарга холуобунай дьыала көбүтүлүннэ

Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт  Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…

8 часов ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын хамаандалара «Путь воина» күрэхтэһии кубогын иһин киирсиэхтэрэ

Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөнү уорбут

Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Өбүгэлэрбит хаһаас астара

Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен  Николаев уонна СӨ…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга снайпердар турнирдара буолуоҕа

Алтынньы 3-5 күннэригэр Дьокуускайга "Сулус" полигоҥҥа Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатынан "Бойобуой снайпинг" дьиссипилиинэҕэ…

10 часов ago