Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс дуэта өрөспүүбүлүкэтээҕи “Икки сулус” күрэс кыайыылааҕынан буолла
Сылы түмүктээһиҥҥэ анаммыт Саҥа дьыллааҕы үөрүүлээх киэһэҕэ орто анал үөрэх устудьуоннарын, үлэһиттэрин ортолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Икки сулус” дуэт күрэһин түмүктүүр түһүмэҕэ буолан ааста.
Күрэс идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэр айар дьоҕурдаах устудьуоннарын, үлэһиттэрин булар, кыахтарын арыйан сайыннарар соруктаах.
Күрэс быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна. Дьокуускай, Покровскай куорат, Жатай бөһүөлэгин, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Нам улуустарын кэллиэстэриттэн, тиэхиньикумнарыттан барыта 14 дуэт кытынна. Гала-кэнсиэргэ, муусука уопуттаах преподавателлэриттэн турар дьүүллүүр сүбэ састааба талбыт 10 бастыҥ дуэт кытынна.
М.Н.Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһин “хоровой дирижирование” хамыыһыйатын сэбиэдиссэйэ, кылаабынай хормейстер Олеся Бомбина кыттааччылар үрдүк таһымнаах бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтэ: “Хас биирдии дуэт ураты нүөмэри көрдөрдө, дьүүллүүр сүбэ кыайыылааҕа талара уустук буолла. Күрэс тэрийээччилэригэр махтанабыт. Эһиги көмөҕүтүнэн машинист, суудунаны тутааччылар ортолоругар хайдахтаах курдук талааннаах ырыаһыттан, мусукааннар баалларын билэбит!” – диэн бэлиэтээтэ. Бу туһунан СӨ Идэҕэ үөрэтэр тэрилтэлэрин сайыннарар институт иһитиннэрэр.
Күрэс түмүгэ:
Гран-при – Екатерина Шестакова уонна Сарыал Васильев (С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускай куораттааҕы педагогическай кэллиэс);
I истиэпэннээх лауреат – Сардана Спиридонова уонна Лилиана Спиридонова дуэттара (Жатайдааҕы тиэхиньикум);
II истиэпэннээх лауреат – Юлия Саморщикова уонна Александра Опподунова дуэттара (М.Н.Донской аатынан инбэлииттэри идэҕэ үөрэтэр уонна медико-социальнай өттүнэн чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-тиэхиньикум);
III истиэпэннээх лауреат – Наталия Максимова уонна Василина Никодимова дуэттара (Т.Г.Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикум).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: