Дьокуускайга 1 №-дээх Марха орто оскуолатын эбии дьиэтэ аһылынна

Share

Субуотаҕа, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускайга 1 №- дээх Марха орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин аһыы үөрүүлээх сиэрэ- туома ыытылынна. Саҥа эбийиэк Бэрэсидьиэн көҕүлээбит «Үөрэх» национальнай бырайыагын чэрчитинэн тутулунна.

Оскуола эбии дьииэтэ арыллыыта Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Марха түөлбэ 165 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар. Тэрээһиҥҥэ Анатолий Семенов кытынна. Саха сирин Бырабыыталыстыбатын  Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы оҕолору уонна педагогтары үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ.

«Марха оскуолатын саҥа эбии дьиэтин тутуутунан биир симиэнэ үөрэххэ көһөллөрүттэн олус үөрдүм. Ити олус табыгастаах. Манна оҕолорбут эбии үөрэҕи ылалларыгар, успуордунан дьарыктаналларыгар, физиканы, химияны, биологияны уонна да атын биридимэттэри дириҥэтэн үөрэтэллэригэр кыах биэриэҕэ. Марха оскуолата Саха сиригэр биир саамай кырдьаҕас оскуолата — 100- тэн тахса сыллаах. Бу кэмҥэ оскуола үгүс биллэр дьону үөрэтэн, иитэн таһаарбыта. Эһиги манна онуннан хаалбыт үгэстэри салгыы тутуһуоххут, сайыннарыаххыт диэн эрэнэбин», – диэтэ Анатолий Семенов.

Тутааччыларга туспа махталын биллэрдэ. «Мин бүгүн СЭТТЭ хампаанньа кэлэктиибигэр, тутааччыларга барыларыгар махтаныахпын баҕарабын. Бу оскуола эрэ буолбатах — бу ускуустуба. Саха сирин бары оскуолалара маннык таһымҥа сөп түбэһэллэрин туһугар олус үрдүк таһым ылылынна. Эһиги улахан маладьыастаргыт», — диэн тутааччыларга туһаайан эттэ. Оскуола дириэктэрэ Мария Стручкова этэринэн, күн бүгүн 1 №- дээх Марха орто оскуолатыгар 977 үөрэнээччи үөрэнэр. Урут миэстэ тиийбэтиттэн икки сменанана үөрэнэллэрэ. Саҥа корпуска 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэниэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо сөмөлүөккэ пассажиры куруусканан бырахпыт

Пассажирскай сөмөлүөт бордугар күлүгээннээһин туһунан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Тырааныспар борокуратуурата маннык быһаарыы сокуоннайын билиннэ. Быһылаан…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Саха сиригэр айан суолга түөрт киһи үлүйэ сыспыт

Ньурба оройуонун ДПС инспектордара кыһыҥҥы айан суолга суоппардарга көмөлөстүлэр. Түүн оройуон исписэлиистэрэ «Бүлүү» трасса 818…

39 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Бүгүн — Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүннэ

Ахсынньы 21 күнэ – Дьыл оҕуһун иккис муоһа үүнэр. Бу күнтэн ыла Саха сирин аатырбыт…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөрт түмсүү уһуйааччыта

Былатыан Ойуунускай аатынан Литэрэтииринэй түмэлгэ оҕо эрдэхпититтэн көрөн улааппыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо ойууларын таҥас…

60 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр күн коллектордарыгар олоҕуран үлэлиир бастакы оскуола аһылынна

Ахсынньы 20 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр 1 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолатын эбии дьиэтин үөрүүлээх сиэрэ-туома…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Оҕолор дьоллоругар тыа сиригэр олохсуйбут ыал

«1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Сунтаар улууһун Түбэй Дьаархан нэһилиэгэр, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола олорон ааспыт нэһилиэгэр…

2 часа ago