Дьокуускайга 11-с нүөмэрдээх оптуобус саҥа сырыыта баар буолла

Дьокуускайга 11-с нүөмэрдээх оптуобус саҥа сырыыта баар буолла

14.10.2024, 18:38
Хаартыска: yakutskcity.ru
Бөлөххө киир:

Бүгүн, алтынньы 14 күнүгэр Дьокуускай куоракка 11-с нүөмэрдээх оптуобус өссө биир саҥа сырыыта баар буолла.   

“Куорат, бастатан туран, Речевой оскуола, Пригороднай сэлиэнньэ уонна Птицевод уулусса олохтоохторун бу күүтүүлээх-кэтэһиилээх түгэнинэн эҕэрдэлиибин. ЯПАК хааччыйар бу номнуо үһүс маршрута буолар (бу иннинэ 100-с нүөмэрдээх магистральнай маршруту арыйбыппыт, ону тэҥэ, 1-кы нүөмэрдээх маршруту хааччыйыыга ылбыппыт). Бүгүн бары маршруттарга орто уонна улахан кылаастаах аныгы, тупсаҕай оптуобустар сүүрэллэр.

Кэлиҥҥи үс сыл ЯПАК уонна “СоюзАвто” чааһынай таһааччылар 120-тэн тахса оптуобустарын саҥартыбыт. Чугастааҕы сылларга өссө 250-тэн тахса оптуобуһу атыылаһар былааннаахпыт” – диэн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эттэ.

11-с нүөмэрдээх маршрут Птицевод уонна Пригороднай сэлиэнньэтин Геодезистов уулуссатын олохтоохторун тырааныспарынан хааччыйар соруктаах. Бу оптуобус икки тиһэх тохтобуллартан айанныаҕа – “Речевой оскуола” уонна Пригороднай сэлиэнньэ Геодезистов уулуссата. Маршрур уһуна – 12,5 км., айан уһуна 1 чаас 30 мүн. тэҥнэһэр, тохтобул ахсаана – 31. Ити туһунан Якутск.РФ саайтка суруйаллар.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: