Дьокуускайга – 150 саастаах Кутана күннэрэ

Share

Кулун тутар 18 күнэ. Сунтаар улууһун Кутанатыттан төрүттээх, Дьокуускайга олорор уонна үлэлиир биир дойдулаахтар, ыалдьыттар нэһилиэк төрүттэммитэ 150 сылыгар аналлаах Кутана күннэригэр «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр муһуннулар.

Кутана күннэрэ хас да кэрэ-бэлиэ түгэннээх бэлиэтэннэ. Ол курдук, саха биллэр бэйиэтэ Альберт Семенович Егоров-Бүлүүйүскэй – 80, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үтүөлээх учуутала Георгий Дмитриевич Архангельскай – 100, Сунтаар улууһун Кутаната сэлиэнньэ аатын ылбыта 150 сылларын бэлиэтиир күн тосхойдо.

«Буруолуу» сылдьар кинигэ сүрэхтэннэ

Сарсыарда 11 чааска «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр «Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай», «Үчүгэй да этэ ол сайын», о.д.а. норуот таптыыр ырыалара буолан көппүт хоһооннор ааптардара, Сунтаар Кутанатын чаҕылхай талаан­наах уола, ураты айар суол­лаах-иистээх суруйааччы Альберт Бүлүүйүскэй «Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан» кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
Тэрээһин Дьокуускайдааҕы Саха национальнай гимназия­тын үөрэнээччилэрэ Альберт Бүлүүйүскэй хоһооннорун ааҕыыларыттан саҕаланна.


Дьоро тэрээһини саха но­­руодунай суруйааччыта Наталья Владимировна Михалева-Сайа бэрт сэргэхтик  ыытта. Кини:
«… Бэйиэт саҥа кинигэтин арыйталыы олорон, сарсыарда туһунан элбэх да кэрэ, сырдык хоһооннору буллум. Кини сарсыарда суруйар Бэйиэт эбит, сарсыарданы туохтааҕар да таптыыр эбит! Онон, тэрээһинэ бүгүҥҥү маҥан хаардаах сааскы сарсыардаҕа анаммыта тоҕоостоох буолан таҕыста. Сэргэлээх улахан экраныттан кини аатыгар тоҕуоруһа кэлэр дьону тыыннааҕыгар үрдүк сыанаҕа өрө таһаарыллыбатах Бэйиэт үөһэттэн көрөн олордо…» – диэн саҕалаата.
Саҥа кинигэҕэ Альберт Бүлүүйүскэй бэйэтиттэн араар­бакка илдьэ сылдьыбыт хара бартыбыалын иһигэр баар хоһоонноруттан, биирдиилээн дьоҥҥо хаалларбыт тэтэрээттэриттэн, ыал тиэргэнигэр турбут куурусса уйатыттан булуллубут биир дьааһык архыыбыттан уонна дьон архыыбыттан хомуллан, бэйиэт хоһоонноро, кэпсээннэрэ, ыстатыйалара, күннүгэ, суруйсуулара, бэйэтин ойуулара, сэдэх хаартыскалар, нуоталаах ырыалар киирбиттэр.
«Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан» кинигэҕэ эппиэт­тиир эрэдээктэринэн үлэлээбит, Альберт Бүлүүйүскэй туһунан элбэх матырыйаал­лары хомуйан үйэтиппит, 2003 с. «Дойдубар мин тыын­наах эргиллиэм» кинигэни СӨ норуодунай суруйааччы Семен Руфовтыын оҥорбут Трофим Семенович Кириллин огдообото Зоя Григорьевна кинигэ тахсыытыгар өҥөлөөх дьону сыанаҕа ыҥыртаан, Махтал суруктары уонна буруолуу сылдьар кинигэлэри туттарда. Бастатан туран, кинигэ тахсыытыгар күүс-көмө буолбут Кутана нэһилиэгин баһылыга Николай Васильевич Давыдовка  улахан махталын биллэрдэ.
Зоя Кириллина 2005 с. Трофим Семенович улаханнык ыалдьыбытын да иһин, күүстээх тапталынан, модун санаатынан олоххо иккистээн төннөн, элбэх кинигэни суру­йан уонна тылбаастаан барбытын туһунан аҕынна.
Бу күн Альберт Бүлүү­йүскэйи ахтан-санаан ааспыт дьон Дьокуускайга ырыаһыттар искибиэрдэригэр Альберт Бүлүүйүскэйгэ ыскамыайка баар буоларыгар, бэйиэт туһунан сэттэ кинигэҕэ бэчээттэммит хоһооннорун биир хомуурунньук оҥорон, элбэх ахсаанынан таһааралларыгар баҕа санааларын эттилэр.
Бу үтүө күҥҥэ биир соһуччу сонунунан Альберт Бүлүүйүскэй, Герман Егоров, Лидия Егорова (биһиги ортобутугар суох), бииргэ төрөөбүт убайдарын булан дьол түһүлгэтин үөскэппиттэрэ буолла. Убайдара Владимир Васильевич Васильев Бүлүү улууһугар култуура эйгэтигэр биир биллэр киһи эбит. Сыанаҕа хорсуннук тахсан, этэрин-тыынарын истэн, бары даҕаны удьуор салҕанан бара турарыттан үөрдүбүт.
Сүрэхтээһиҥҥэ бэйэтин кэмигэр ситэри өйдөммөтөх, сыаналамматах бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй тус малларын, суруктарын, ойууларын, тэтэрээттэрин илэ көрөр кыах тиксибитигэр биир дойдулаахтарбытыгар махтана санаатыбыт.

Өттүк харалаах, илии тутуурдаах

Кутана тарбаҕар талаан­наахтарын, биирдиилээн иистэнньэҥнэрин, уустарын уонна тэрилтэлэрин хараҕы сымнатар, дууһаны уоскутар быыстапкаларын биир дойдулаахтара уонна ыалдьыттара олус сэҥээрдилэр. Хаартысканан кэпсиир истиэндэлэргэ чугаһаан, хас биирдии киһи бэйэтин эбэтэр төрөппүттэрин мөссүөннэрин көрөн, ситиһиилэрин билэн, дойду ахтылҕаныгар куустарда.


15 чаастан Кутана уус-уран самодеятельноһа уонна куоракка олорор биллэр-көстөр ырыаһыттар кыттыылаах «Дойдум ахтылҕана» кэнсиэр саҕаланна.
Кэнсиэр иннинэ мустубут дьону Саха Өрөспүү­бүлүкэтиттэн РФ сенатора Александр Акимов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Сахамин Афанасьев уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Кутана нэһилиэгин баһылыга Николай Васильевич Давыдов: «Биһиги Кутанабыт улууска биир үчүгэй үлэлээҕинэн биллэр нэһи­лиэк. Нэһилиэкпитигэр 800-тэн тахса киһи олорор, үлэлиир, айар-тутар. Ону тэҥэ араас тэрилтэлэрбит, социальнай эбийиэктэрбит Кутана үбүлүөйдээх сылын ситиһиилээх үлэлэринэн көрүстүлэр. Инники өттүгэр нэһилиэкпит өссө үүнэн-сайдан, инники көлүөнэ дьоно үүнэн-сайдан иһэллэригэр баҕарабын», – диэн эҕэрдэ тылын эттэ наҕараадалары туттарда.
Кэнсиэркэ киирии билиэ­тинэн латарыайа оонньонон, дьон-сэргэ бары дойдуларыттан кэлбит ас кэһиини (сылгы этэ, быар, хаан, барыанньа, арыы уо.д.а) сүүйэн, үөрдүлэр-көттүлэр.
Кэнсиэр устатын тухары нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын ситиһиилэрэ видеонан көрдөрүллэн, куорат олохтоохторо дойдуларыгар сылдьыбыт тэҥэ сананнылар.

Биир соһуччу уонна үөрүүлээх түгэнинэн Алдан улууһун Кутанатыттан дэлэгээссийэ кэлэн эҕэрдэлээһинэ буолла. Биир ааттаах Кутана бэрэстэбиитэллэрэ Сунтаар улууһун Кутанатыгар баран, бу дойду олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин, хатыламмат айылҕатын билсиһэр уонна инникитин бииргэ үлэлиир баҕалаахтарын биллэрдилэр.

БЫҺААРЫЫ:
«Кутана нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо» аат Руслан Николаевич Ивановка, Наталья Николаевна Шергинаҕа уонна Надежда Парфеньевна Егороваҕа туттарылынна.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бочуотунай грамотатынан Маргарита Михайловна Иванова, Семен Михайлович Андреев уо.д.а. наҕараадаланнылар.
Олоҥхо тыйаатырын уһуйааччыта, аҕа сүбэһитэ Никандр Прокопьевич Тимофеев «Сунтаар улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ» үрдүк ааты уонна 10 тыһыынча­лаах бириэмийэни ылла.
Сунтаар улууһун баһылыга А.В.Григорьев Махтал суругунан Надежда Егоровна Саввинова, Валентин Гаврильевич Васильев, Галина Сидоровна Ксенофонтова, Людмила Терентьевна Черепанова уо.д.а. наҕараадаланнылар.
«Кутана нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын иһин» бэлиэнэн Андрей Никандрович Тимофеев, Валентина Васильевна Алексеева, Михаил Саввич Иванов бэлиэтэннилэр.

Ааптар уонна Кутана нэһилиэгин түмсүүтэ тиксэрбит хаартыскалара

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

6 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

7 часов ago