Дьокуускайга 2013 с.т. оҕону массыына түҥнэри көттө
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр тоҕус буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ дьуһуурунай борокуруора иһитиннэрэр.
Дьокуускайга Газовиктар уулуссаларыгар баар дьиэттэн доруобуйатын эчэппит эр киһи госпитализацияланна, маныаха 1985 с.т. дьахтар уорбаланара быһаарылынна. Итиэннэ Богатырев уулуссатыттан 1976 с.т. эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдэ.
Киин куоракка уонна Ленскэйгэ түөкүттэр барыта 251 тыһ.солк. уорбуттара билиннэ. Дьокуускайга баан счетуттан 330 560 солк. уорбуттар.
Дьокуускайга уонна Нам улууһугар аһыы утаҕы иһэн баран уруулга олорбут дьон иккистээн тутулуннулар.
Киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбата.
Дьокуускайга «Тойота Королла Филдер» массыына суоппара Тургенев уулуссатыгар 2013 с.т. оҕону түҥнэри көттө. Оҕо госпитализацияланна. Итиэннэ Курашов уулуссатыгар «Тойота Ипсум» массыына суоппара 1978 с.т. киһини эмиэ түҥнэри көттө.
Таатта Ытык-Күөлүгэр маҕаһыын умайда. Манна оһох оттооччунан үлэлиир 1960 с.т. киһи тыына быһынна. Быһылаан буолбут сиригэр борокуруор сырытта, баһаар төрүөттэрэ быһаарыллаллар.
Суукка иһигэр итирик туруктаах аҕыс суоппары туттулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: