Дьокуускайга 25 №-дээх оптуобус сырыытын туһунан быһаарыы ылыллыаҕа.
Бу сыалга үс быһаарыы ылыллара үөрэтиллэр, ол иһигэр оптуобус сырыытын маршрутун уларытыыта эмиэ киирэр. Ол иннинэ оптуобус кыраапыгынан сырыытын хааччыйыыга 25 №-дээх маршрутка атын маршруттартан оптуобустары көһөрүөхтэрэ. Бу туһунан Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччытын э.т. Людмила Давыдова этэринэн, 25 №-дээх оптуобустар 17 мүнүүтэ арыттаан сылдьыахтаахтар, ол эрээри билигин кыраапык толору толоруллубат. «Дьаһалта өттүттэн оптуобус суоппардарын кытта кэпсэтии барар. Сотору кэминэн былааны таһынан куорат уонна куорат таһынааҕы маршруттарын дьүүллэһиигэ хамыыһыйа уочараты таһынан мунньаҕа буолуоҕа, — диэн Людмила Давыдова эттэ.
Хамыыһыйа быһаарыытыттан көрөн, 25 №-дээх маршруту кыччатыахтара эбэтэр күүһүрдүөхтэрэ, ону тэҥэ баар дуогабары көтүрүү туһунан быһаарыы ылыллара көрүллэр. «Барыта маршрутка 10 оптуобус сылдьар, өрөбүл күннэри учуоттаан туран, үлэ күнүгэр маршрутка 6-8 оптуобус тахсар, оттон өрөбүл күннэргэ өссө аҕыйах», – диир Людмила Давыдова. Мэрияҕа кыраапык тутуһуллубат боппуруоһунан сиһилии бэрэбиэркэ ыытыахтара.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…