Дьокуускайга 3 саастаах кыыс оҕо түннүктэн суулунна

Share

Саха сирин Силиэстийиэлиир кэмитиэтин управлениетын силиэдэбэттэлэрэ Дьокуускай куоракка  элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн кыра оҕо түннүктэн сууллубут быһылаан төрүөтүн быһаарар үлэни ыыттылар.

Ол курдук, от ыйын 16 күнүгэр киэһэ 19.00 чааска Силиэстийэлиир уорганнарга  Циолковскай аатынан уулуссаҕа иккис этээстэн оҕо түннүктэн сууллубутун туһунан тыллаабыттар. Оҕону балыыыһаҕа киллэрбиттэр. Билигин кыыс оҕо туругун быраастар кэтииллэр.

Тахсыбыт быһылаан чахчытынан Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин управлениетын силиэстийэлиир отдела процессуальнай бэрэбиэркэни ыыттылар. Силиэстийэ быһаарбытынан, оҕо уһун кэм устата көрүүтэ суох хаалбыт. Ийэтэ төлөпүөнүнэн кэпсэтээри хос иһиттэн тахсыбыт уонна кыра оҕону көрүүтэ-истиитэ суох хаалларбыт. Ол түмүгэр оҕо түннүктэн сууллубут диэн Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
7
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago