Дьокуускайга 71 саастаах дьахтары массыына түҥнэри көттө
Мииринэй оройуонугар пикап массыына «Урал» массыынаны кытта харсыспыт. Суол саахалыгар түөрт киһи эчэйбит — иномарка суоппара уонна кини үс пассажира. Бу туһунан бүгүн, ахсынньы 6 күнүгэр, дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрэр.
Суол саахала технологическай суол 9-с килэмиэтиригэр буолбут. Great Wall Kingkong Poer маркалаах массыына 34 саастаах суоппара массыынаны ситээри, сөптөөх дистанцияны тутуспатах. Суоппары кытта 30, 38 уонна 68 саастаах дьон балыыһаҕа киирдилэр.
Дьокуускайга Рыдзинскай уулуссатыгар баар дьиэ таһыгар Toyota Vitz суоппара 71 саастаах дьахтары түҥнэри көппүт. Эмсэҕэлээччини госпитализациялаабыттар.
Киһи өлүүлээх суол саахала бэлиэтэммэтэх. Итирик туруктаах аҕыс суоппар тутуллубут.
Дьокуускай олохтооҕо дьахтар түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэрбит. Кини Киин баантан эрийэбит диэбиттэригэр, 1,4 мөл.солк. ыыппыт.
Алдаҥҥа Toyota Corolla Fielder массыынаны уорбуттар.
Хаҥаласка наркотигынан эргиммиттэрэ биллибит.
Нерюнгрига массыына ыытар быраабы сымыйанан оҥорбуттарын быһаарбыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: