Дьокуускайга 9 саастаах оҕону түҥнэри көппүт суоппар миэстэтиттэн куоппут
Дьокуускайга ахсынньы 14 күнүгэр Халтурин аатынан уулуссаҕа суоппар массыынанан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону түҥнэри көппүт уонна миэстэтиттэн куоппут.
Киин ГИБДД сулууспата иһитиннэрбитинэн, быһылаан сарсыарда 8-тан 9 чаас саҕана тахсыбыт. 9 саастаах оҕо анал сиринэн суолу туораан испитин ммассыына түҥнэри көппүт. Оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэр. Билигин быһылаан тахсыбыт төрүөтүнэн бэрэбиэркэ ыытыллар. ГИБДД саахал тахсыбытын көрбүт туоһу дьону, ону таһынан миэстэтиттэн куоппут суоппары сибээскэ тахсалларыгар көрдөһөллөр.
«Видеорегистратордарга тахсыбыт быһылааны устубут суоппардары Госавтоинспекцияҕа илдьэн биэрэллэригэр көрдөһөллөр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Санатан эттэххэ, ГАИ управлениета «Бүлүү» айан суол трассатын 3 км баар. Ону тэҥэ иһитиннэриилэри 127, 47-35-69, 45-40-42 нүөмэрдэргэ эрийэн биэриэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: