Дьокуускайга ахсынньы 14 күнүгэр Халтурин аатынан уулуссаҕа суоппар массыынанан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону түҥнэри көппүт уонна миэстэтиттэн куоппут.
Киин ГИБДД сулууспата иһитиннэрбитинэн, быһылаан сарсыарда 8-тан 9 чаас саҕана тахсыбыт. 9 саастаах оҕо анал сиринэн суолу туораан испитин ммассыына түҥнэри көппүт. Оҕону балыыһаҕа киллэрбиттэр. Билигин быһылаан тахсыбыт төрүөтүнэн бэрэбиэркэ ыытыллар. ГИБДД саахал тахсыбытын көрбүт туоһу дьону, ону таһынан миэстэтиттэн куоппут суоппары сибээскэ тахсалларыгар көрдөһөллөр.
«Видеорегистратордарга тахсыбыт быһылааны устубут суоппардары Госавтоинспекцияҕа илдьэн биэрэллэригэр көрдөһөллөр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Санатан эттэххэ, ГАИ управлениета «Бүлүү» айан суол трассатын 3 км баар. Ону тэҥэ иһитиннэриилэри 127, 47-35-69, 45-40-42 нүөмэрдэргэ эрийэн биэриэххэ сөп.
Бэнидиэнньиккэ, ахсынньы 16 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын салайааччыларын, дьаһалтатын кытта былааннаах мунньаҕы…
Саха сирин олохтоохторугар сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбиттэргэ хоромньуларын толуйарга 1 миллиард солкуобайы ыытыахтара. Төлөбүрдэри сыл…
Бу нэдиэлэҕэ саамай кылгас күннэр, саамай уһун түүннэр туруохтара. Күн муҥутаан кылгыыр кэмэ быйыл ахсынньы…
Дьокуускай куоракка Ньурба күннэрин чэрчитинэн, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Марха улууһа төрүттэммитэ 200 сылларыгар аналлаах Үйэн…
Саха сирэ Бэрэсидьиэн национальнай бырайыактарын үбүлээһин таһымынан ТОП-5 эрэгийиэн иһигэр киирдэ. Бу туһунан Ил Дархан…
Дьокуускайга “Сайсары” бааһынай ырыынагар Саҥа дьыл чугаһаан, тоҥ аһы-үөлү атыылаһыы элбээтэ. Сыана кыралаан ыараан иһэр…