Дьокуускайга аан дойду таһымнаах үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампус баар буолуоҕа

Share

Дьокуускай куорат 68-с кыбартаалыгар Саха сиринээҕи үрдүк үөрэхтэр икки ардыларынааҕы кампуһу тэрийиигэ, РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтигэр, миниистири солбуйааччы Айрат Гатиятов бэрэссэдээтэллээх  СӨ Бырабыыталыстыбатын оробуочай көрсүһүүтэ буолла.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков салайааччылаах Саха сирин дэлэгээссийэтэ РФ Билимҥэ уонна үрдүк үөрэххэ миниистирин солбуйааччы Айрат Гатиятовка кампус бырайыагын билиһиннэрдэ. Кампус Саха сиригэр уонна дойду Хотугулуу-Илин өттүгэр суолтатын туһунан Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев, Үөрэх уонна билим миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, Экэниэмикэ миниистирин солбуйааччы  Иван Елисеев кэпсээтилэр.

Хаартыска: www.sakha.gov.ru

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2030 сылга диэри Арассыыйаҕа 25-тэн итэҕэһэ суох аан дойду таһымнаах кампус баар буолуоҕа. Бастакы 17 бырайыагы олоххо киллэрээри 2021-2022 сылларга бастакы уонна иккис сүүмэрдээһиҥҥэ быһаарыллыбыттара. Күн бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбата кэлэр сүүмэрдээһиҥҥэ бэлэмнэниини ыытар, ол түмүгүнэн 8 бырайыак эбии бигэргэниэҕэ.

Бырайыактар “Билим уонна университеттар” национальнай бырайыак “Билим чинчийиилэригэр уонна каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ инфраструктуралары сайыннарыы” федеральнай бырайыак иитинэн концессионнай сөбүлэҥи туһанан, судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлэһии быһыытынан олоххо киириэхтэрэ. Бырайыак 60 %-гар диэри федеральнай грант туһаныллыан сөп.

Оробуочай көрсүһүү кэмигэр Кирилл Бычков, Уһук Илиҥҥэ  уонна Арассыыйа хоту өттүн сайыннарыыга уһулуччу суолталаах хайысхаларга каадырдары хаачыстыбалаахтык бэлэмнээһиҥҥэ үрдүк технологиялаах билим-үөрэтэр эйгэтин тэрийиитин хааччыйар аан дойду таһымнаах кампус Саха сиригэр улаханнык ирдэнэрин бэлиэтээтэ. Бу талааннаах ыччат бэйэтин эрэгийиэнигэр хаалан билимҥэ кыаҕын сайыннарарыгар, академическай билиини ыларыгар кыах биэриэ диэн эттэ.

Билим чинчийиилэрин ыытарга кампуска ураты усулуобуйа тэриллиэҕэ.  Кампус оҥоһуулары көрдөрөр былаһаакканан уонна эрэгийиэннэр, тас дойдулар учуонайдара, устудьуоннара талаһар кииннэринэн буолуоҕа. Онон өрөспүүбүлүкэ билимҥэ уонна саҥаны киллэриигэ кыаҕын сайдыытын хааччыйан, каадыры итиэннэ технологическай эбии оҥоһуктары бэлэмнээһиҥҥэ саҥа саҕалааһыны киллэриэҕэ.

Эбийиэк Дьокуускай куорат маастар-былааныгар уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнин сорудаҕын испииһэгэр киирэн турар.

Айрат Гатиятов кампус кэнсиэпсийэтин биһирээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата бырайыакка үлэлэрин, ол иһигэр концессионеры быһаарарга уонна РФ Бырабыыталыстыбатын агенын – ВЭБ.РФ сайыннарыыга судаарыстыбаннай корпорацияны кытта бииргэ үлэни ыытыыны салҕыылларыгар эттэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба саайтыгар суруллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: кээмэй табылыыссата

Ас-үөл астыырга маннык баарын билэҕит дуо? Бу олус туһалаах сүбэ.  1 ыстакаан -- 240 мл.…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Норуот эмтиэкэтэ

Хатыҥ мүөттээх сэбирдэҕин чэйгэр кутан иһэ сырыттаххына, бүөргэр-быаргар туһалаах. Салаакка мэлдьи моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, укуруоп…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Эдэр сааһы эргитэн

Уус Алдан улууһугар култуура бэтэрээннэрин сэбиэтэ уопсастыбаннай түмсүү (бэрэссэдээтэл А. Е.Федорова) тэрийиитинэн, араас кэмҥэ култуура…

50 минут ago
  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн – Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ

Саха сиригэр ахсынньы 5 күнүгэр ураты бырааһынньык бэлиэтэнэр – өрөспүүбүлүкэтээҕи Оҕо уопсастыбаннай хамсааһынын күнэ. 1992…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Суоттулары «Аптаах бириэмэ» тэрээһин түмтэ

Суотту нэһилиэгэр "Кыһын Саха сириттэн саҕаланар" бырайыак чэрчитинэн харыйа уота сандааран тырымныырын көрсө бэртээхэй тэрээһин…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Пригороднайдааҕы дьахтар сэбиэтэ: “Бэйэбит анал иистэнэр хостоннубут”

Бу күннэргэ Пригороднай сэлиэнньэ дьаһалтатын салайааччыта  Василий Егорович Пинигин өйөбүлүнэн дьахтар сүбэтэ бэйэтэ туспа анал…

2 часа ago