Салгыы
Дьокуускайга Аан дойдутааҕы йога күнэ бэлиэтэниэҕэ

Дьокуускайга Аан дойдутааҕы йога күнэ бэлиэтэниэҕэ

Ааптар:
12.06.2024, 13:30
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэс ыйын 21 күнүгэр Аан дойдутааҕы йога күнэ 10 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир бырааһынньык ыытыллыаҕа.

Бу күн нэһилиэнньэҕэ чөл олоҕу тутуһарга уонна духуобунай сайдыыны кытта сибээстээх эрчиллиилэри билсиһэргэ ураты кыах баар буоларын бэлиэтииллэр.

Тэрээһиҥҥэ йоганы үөрэтэргэ, йога асанын тупсарыыга көмөлөһөр Саха сирин бастыҥ инструктордара кыттыахтара. Ити күн бэлэмнэнии таһымыттан тутулуга суох, физическэй уонна духуобунай сайдыыга көмөлөһөр туһалаах сүбэлэри ылыахха сөп.

Кыттааччылар Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сарсыарда 8:00 чаастан мустуохтара. Дьарык сарсыарда 9:00 чаастан саҕаланар. Спортивнай таҥас уонна дьарык көбүөрүн аҕалар наадалаах. Аахсыйаны Индия култууратын киинэ, Владивостокка Индия Өрөспүүбүлүкэтин генеральнай консульствота, СӨ  Тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ уонна СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка министиэристибэтэ тэрийдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: