Дьокуускайга аатырбыт худуоһунньук Айвазовскай быыстапката аһылынна

Share
Дьокуускайга Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ «Айвазовскай уонна улуу нуучча маринистара»  быыстапка аһыллынна.
Экспозиция нуучча ускуустубатыгар муора пейзажтарын жанрын сайыннарыы туһунан өйдөбүлү биэрэр. Сүрүн үлэлэринэн көрүүгэ 30 хартыына уонна 19 болотуна Иван Айвазовскай хартыыналара турдулар. Кинилэр ортолоругар аатырбыт ««Петр I при Красной Горке, зажигающий костер на берегу для подачи сигнала гибнущим судам своим» үлэтэ баар.
Быыстапка Судаарыстыбаннай Нуучча түмэлин пуондатыттан кэлэн, бэс ыйын 2 күнүттэн балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри туруоҕа.
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, быыстапка Саха сирин ускуустуба быыстапкатын устуоруйатыгар саамай далааһыннаах бырайыагынан буолар. Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев быыстапка куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар интэриэһинэй буоларын бэлиэтээтэ. Айвазовскай  аан дойду үрдүнэн саамай күүстээҕинэн ааҕыллар нуучча флотун ойуулаабытын көрдөрөр диэн кини эбэн  эттэ.
Быыстапка Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар ананар. Бырайыак чэрчитинэн, интэриэһинэй тиэмэлээх экскурсиялар, маастар-кылаастар буолуохтара.
Санаттахха, СӨ Бырабыыталыстыбатын былааннаах үлэтинэн, 2023 сыллаахха Дьокуускайга нуучча улуу худуоһунньуга Иван Шишкин быыстапката уонна Эрмитаж күннэрэ буолбуттара. Бу киин куораттарга бара сатаабакка, ускуустуба улуу диэйэтэллэрин үлэлэрин көрөр кыаҕы биэрэр.
What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

2 часа ago